Дьааҥы улууһугар атырдьах ыйын маҥнайгы күнүгэр былаан быһыытынан 4870 га сир охсуллуохтааҕа, 3312 тн от кэбиһиллиэхтээҕэ.
Бэс, от ыйдарын устата түспүт ардах ходуһалары уунан толорон, оттооһуҥҥа улахан мэһэйдэри үөскэттэ. Ол курдук сыыппара кэпсииринэн, улуус үрдүнэн 1406 га сир охсулунна уонна 640,5 тн от кэбиһилиннэ. Бу былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ кыра көрдөрүү.
Адыаччы нэһилиэгин баһылыга Михаил Осипов кэпсээбитинэн, кинилэр бөһүөлэктэригэр атын сирдэри кытта тэҥнээтэххэ, уу арыыйда эрдэ тахсыбыт. «Билигин ардах содулуттан уу анныгар хаалбыт 80% сирдэриттэн ууну түһэриигэ 200-чэ киһи үлэлээн эрэллэр. Нэһилиэк үрдүнэн 150-чэ тн от кэбиһиилээхтэр», — диэтэ кини.
Хотугу оройуоннартан саамай элбэх сүөһүлээх, быйылгы сылга 14400 тн оту оттуур былааннаах Дьааҥы улууһугар сүөһү аһылыгын бэлэмнииргэ өссө биир уустук сайын үөскээтэ.
This post was published on 03.08.2016 14:01 14:01