Дьааҥыга сайыҥҥы үлэлэр саҕаланнылар

Дьааҥыга сайыҥҥы үлэлэр саҕаланнылар. Олохтоох урбаанньыттар үлэ миэстэтин таhаараллар. Нэhилиэктэр хаhаайыстыбалара оттуур сирдэригэр уу киллэриитин үгэнигэр сылдьаллар. Урбаанньыт Владимир Чириков салайааччылаах «Баачаан» ХЭУо саха сылгытын иитэр племхаhаайыстыбата ходуһа сирин ньүөлсүтэр сыалтан, уу ыстарар биригээдэни тэрийэн үлэлэтэр.


Владимир Чириков: «Ууну муус устар 28 күнүттэн саҕалаан, 26 гектардаах Арҕаа Айаан «Туруйа» сыһыытыгар ыстарабыт. Адыаччылар Афанасий Потапов уонна Михаил Слепцов кэтииллэр. Үрэхтэн 350 миэтирэ сиргэ ыстарабыт, төттөрү барбатын диэн быһыттаабыппыт. Носуоспут оҥорон таһаарыыта 1300 л/мүнүүтэҕэ, чааска 2 литр бензины сиир. Быйыл халлааммыт оҥостон курааннаата, тыаллыран, тоҥорон көтүтэ турар«, — диэн үлэ хаамыытын кэпсиир.

Олохтоох урбаанньыт бу Айааҥҥа 1972 сыллаахха аан бастаан оттообутун этэр. Ол кэмнэртэн оҕо комсомольскай биригээдэтэ тэриллэн, оттууллара. Уопсайа Түбэнэн, Аартыгынан, Кычаха Арыытынан холбоон, бу Арҕаа Айаан тоҕойуттан 3000 ц ордук оту оттоон, оройуоҥҥа бастаабыт кэмнээхтэрэ. Ол саҕана наставник-биригэдьииринэн үлэлээбит Дмитрий Григорьевич Чириков туһунан ахтар:

— Биһигини, 8-10 кылааһы бүтэрбит оҕолору, оттуох иннинэ нээкирик хастаран, быһыт оҥотторон, куобахтатан, кустатан, уубутун-маспытын, аспытын барытын дьаһайан, ходуһабытын күн аайы кээмэйдээн, элбэх да сыратын уурбут эбит. Ол быыһыгар эбэһээт биир гектары охсорун санаатахха, дьэ, үлэһит да дьон олорон ааспты дии саныыгын. Комсомольскай салайааччыбыт Горохов Семен — Күүстээх Сиэнньэ сарсыарда, киэһэ аайыспордунан дьарыктаан, күрэхтэһиннэрэн, киэһэ аайы баянынан ыллаан, Сөдүөт оҕонньор — Сээркээн сэһэнньит сэһэнин истэн, кулууп дьиэтигэр Огдооччуйа Гатилова минньигэс килиэбин мотуйан, олус да бэркэ сайылаабыппыт. Сотору-сотору аҕам управляющай, парткомнар, профсоюзтар, агитбиригээдэлэр кэлэ турааччылар, иккилии-үстүү солк бириэмийэ туттараннар, ытыллыбыт өбүгэм Куһуоччук атыыһыт былыргы ампаарыгар баар маҕаһыынтан кэмпиэт, буорах, доруоп ылынааччыбыт. Биригээдэнэн Түбэҕэ кустуу, куобах үүрэ барааччыбыт. Политинформатор хаһыат кэлэ турааччы, биһи туспутунан эмиэ суруллан үөрүү-көтүү бөҕө буоллаҕа. Оҕо эрдэхпинэ үлэҕэ-олоххо уһуйбут сирдэригэр, эргиллэн үлэлиир дьоллоох эбиппин. Бу Туруйа сыһыытыттан 500 ц оту ылбыппыт. Горохов Сиэнньэ манна 1,5-1,6 га сири охсоро.

This post was published on 28.05.2020 11:02 11:02