2020 сыл Дьааҥыга тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын сылынан биллэриллибитэ. Владимир Христофорович Чириков дириэктэрдээх «Яна Продукт» кэпэрэтиип Адыаччытааҕы, Боруулаахтааҕы үүт сыахтара йогурт, кефир, иэдьэгэй, сүөгэй астарынан нэhилиэнньэни хааччыйаллар.
Кээпэрэтиип сыахтарыгар саңа технологиянан улэлиир оборудованиелар туруоруллубуттара. Бу күннэргэ коронавирус дьаҥын кэмигэр тутуһуллар ирдэбили билиһиннэрдилэр, инструктаж, маастар-кылаас ыыттылар, дезинфекциялыыр сириэстибэлэри, халааттары, фартуктары түҥэттилэр.
Кыһыҥҥы суолу баттаhа, Сайдыыга саңа технологиянан үлэлиир үүт ас бородуксуйатын оҥорон таһаарар оборудованиены, коптильнай сыаҕы таҥан туруордулар. Ол туһунан өр сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир Тамара Константиновна Бурцева иһитиннэрдэ:
— Бу дьыл муус устар 27 күнүгэр саңа технологиянан ұлэлиир үс аппараат туруорулунна. Бастык баартыйа кефир, йогурт 1 литр бытыылкаҕа кутуллан, 38 кг. йогурт, 17 кг. кефир атыыга тахсан тутатына бүттэ. Ынах сүөһү ииттэр хаһаайыстыба элбэҕэ буоллар оҥорон таһаарар бородуксуйабыт дэлэй буолуох эбит. Үүтү сарсыарда 10 ч. тутабыт. Оҥорон таһаарыы процедурата син уһун, ол курдук, түүн сойутан баран сарсыарда анал бытыылкаларга кутан атыылыыбыт. Балык, убаһа этиттэн бородууксуйа таһаарарга боруобалыахпыт. Дойдуларыгар кэлэ сылдьар ыалдьыттар төрөөбүт нэһилиэктэрин олохтоох үүтүттэн оҥоһуллан тахсыбыт үүт аһы кэһии оҥостон атыылаһан бардылар.
«Үгүс нэһилиэктэр үүт бородуксуйатын оҥорон таһаарар сыах туруортарар баҕалаахтарын этэллэр. Кэтээн көрүүнэн, улууска 2019 сылтан ынах сүөһү төбөтүн ахсаана элбээн иһэр, онон бэйэ сылгытыттан, балыгыттан, сүөһүтүттэн оҥоһуллар бородуксуйа элбииригэр былааннаах үлэ барар», — диэн улуус баһылыга Гаврил Чириков иһитиннэрдэ.
This post was published on 30.04.2020 15:02 15:02