Дьааҥыга Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн тутуу үлэтэ тэтимирэр

Ааспыт нэдиэлэ бээтинсэтигэр улууспутугар кэлэ сылдьыбыт «Олоҥхо Ыһыаҕа — 2016» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай ыһыах эбийиэктэрин тутуутун хаамытынан астынарын биллэрбитэ.


Тутуу үлэтэ күнтэн-күн тэтимирэн, үгүс эбийиэктэр чэрчилэрэ, омоонноро биллэн эрэллэр. Ол курдук, түөрт моҕол ураһа, нэһилиэктэр ураһалара, Ыччат кэнсиэрдиир былаһаакката тутуллан бүттүлэр. Ураһалар аны ис өттүлэрин оҥоруу, күрүө иһинээҕи тутууларга үлэ барыа.

Киин трибунаҕа тимиринэн үлэлэрэ бүтэн, мас олбохтору оҥоруу саҕаланна, спорт, ат сүүрдэр сир трибуналарыгар эмиэ үлэ күөстүү оргуйар. Хорчуоппалары, атыылыыр, кылгас кэмҥэ сынньанар, олорор сирдэри тутуу тэтимин ылан эрэр. Киирэр аарка тимир конструкциятын туруоран бүтэрдилэр, Аал-Луук мас симэхтэрин, киэргэллэрин оҥорон ситэрэн эрэллэр. Күнү көрсүү сиэрэ-туома ыытыллар сиригэр үлэ күүскэ барар, тутааччылар аны Баатаҕайтан сэргэлэри аҕалалларын күүтэллэр.

Куорат ортотугар баар Байҕал күөлү күрүөлээһин илин өттө бүттэ. Сотору кэминэн күөл эргиччи тимир күрүөлэниэ, соҕуруу, хоту өттүлэригэр биэстии сырдатар электрическэй банаардарынан сырдатыллар буолуо, ортотугар фонтан туруо.

Куоракка бэйэтигэр Култуура киинигэр өрөмүөннүүр үлэ кэмигэр баран иһэр, тутааччылар үлэбитин кэмигэр, ол эбэтэр бэс ыйын 20 күнүгэр бүтэриэхпит диэн эрэннэрэллэр.

This post was published on 01.06.2016 15:06 15:06