СӨ доруобуйаҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Алексей Яковлев икки киhилээх бөлөҕө Үөhээ Дьааҥы оройуонугар «Ковид-19» дьаҥы утары ыытыллар тэрээhиннэр уонна сэрэтии үлэ сүнньүнэн киэҥ хабааннаах профилактическэй, методическай көмөнү ыытыыга үлэлии сылдьаллар.
Бүгүн улуус дьаhалтатыгар баhылык солбуйааччыта Михаил Осипов, Алексей Аммосович уонна оройуон кылаабынай бырааhа Владимир Докторов дьаhалта тустаах отделын, хаhыат, пресса улэhиттэрин кытта көрсүhүүгэ «Ковид-19» дьаҥын тула кэпсэттилэр.
Бүгүҥҥү туругунан улууска дьаҥ аччаабат. Ылыллыбыт миэрэлэри тутуһуу сөптөөхтүк ыытыллар. Ол эрээри бу көбөн тахса турар дьаҥҥа хаптарыы ордук улуус киинигэр улахана бэлиэтэнэр. Айан сырыыта хааччахтаннар да, уу суола айаннаах Арыылаах нэһилиэгэр 12 киһи утуу-субуу ыалдьыыта таҕыста. Оттон сиринэн суоллаахтарга Адыаччы, Элгэс уонна Верхоянскай куорат уонна Баатаҕай дьоно дьаҥна хаптарыылара, маны тэҥэ эмтэнэн үтүөрүүлэрэ эмиэ бэлиэтэнэр.
А. А. Яковлев ыарыыны утары ыытыллар миэрэлэри тутуhуу боппуруоhа биир бастакынан турарын, ыарыы симптомнарын, тымыр капиллярдарыгар дьайыытын уонна симптома суох ыарыыны тарҕатааччылар баар буолуохтарын сөбүн эттэ: сайыҥҥы кэмҥэ буоста таhааччылары, социальнай үлэhиттэри кытта таhырдьа алтыhыы дистанцияны тутуhуллуута ыарыыга сыстыыттан хааччахтыырын, оттон ыарыы микробтара улааталларыгар дьиэ иhигэр мустуу сэрэхтээҕин тоhоҕолоото. Маннык түбэлтэ, ордук, киhи симптома суох эрээри ыалдьыбытын сэрэйбэккэ дьиэттэн дьиэҕэ ыалдьыттааhыныгар тахсар көстүү ордук тыа сиригэр бэлиэтэнэрин сырдатта.
Тумуу курдук дьайан киирэр Ковид дьаҥа киhиэхэ өр кэмҥэ олохсуйан, көбөн тахсыан сөптөөҕүн, онон нэhилиэнньэ харыстанар миэрэлэри күүскэ тутуhуута эрэ дьаҥ тарҕаныытын аччатыан сөптөөҕүн тоhоҕолоото.
Арассыыйа нэhилиэнньэтин доруобуйатын харыстабылын үлэhиттэрэ, эмчиттэрэ, бу, урукку өттүгэр биллибэтэх саҥа «Ковид-19» вирус тарҕаныытын утары күүстээх үлэни ыытаннар, суhал миэрэлэри ыланнар «ковид» дьайыытын намыраппыттарын туhунан иhитиннэрдэ.
Маннык ыарахан кэмнэргэ хоту улууска кэлэн методичэскэй көмөнү оҥоруу туhалааҕын дьон-киhи биhирии ылынна, нэhилиэнньэҕэ сырдатыы үлэлэрэ салҕаныахтара.
This post was published on 06.08.2020 17:01 17:01