Олунньу 24 күнүгэр Дьааҥы куоратыгар хорсун хайыһардьыттарга анаан «Эр санаа трассата» диэн мемориальнай дуосканы арыйыы үөрүүлээх түгэнигэр урукку-хойукку хайыһардьыттар ыҥырыллан, кыттыыны ыллылар.
1945 сыллаахха Ленинград блокадатын босхолооһуҥҥа анаан Дьааҥытааҕы партия райкомун кэмитиэтэ «Тулууру бэрэбиэркэлээһин» диэн соруктаах 2254 км уһун Дьааҥы куората — Дьокуускай — Дьааҥы куората маршрутунан сэттэ хайыһардьыт хомсомуол ыччаты айанныырыгар сорудахтаабыта.
Сиэгэн Күөлтэн төрүттээх, этэрээт хамандьыыра, хомсомуол сэкирэтээрэ — Николай Неустроев, күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр — Николай Баишев, Александр Афанасьев, нэһилиэк сэбиэтин сэкирэтээрэ Петр Климовскай, ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйэ — Николай Слепцов, ОСОАВИАХИМ үлэһитэ — Гаврил Обутов уонна милииссийэ үлэһитэ Иннокентий Слепцов олунньу ыйга томороон тымныылар саҕана партия сорудаҕын толоро айаннаабыттара.
Мемориальнай дуосканы арыйыыга «Аҕа көлүөнэ дьон хорсун суолларынан” дэбиистээх 1985 сыллаахха Кыайыы 40 сылыгар уонна 2010 сыллаахха сүүрбүт кэнники икки көлүөнэ хайыһардьыттар уонна бастакы суолу аспыт хорсун комсомолецтар ыччаттара кыттыыны ыллылар.
Улуус баһылыга Гаврил Чириков «Эр санаа трассата» ыччаты, үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитиигэ суолтата улаханын, чөл эт-хаан, хорсун быһыы, дьоруойдар ааттарын үйэтитии дойдубут ытык иэһэ буоларын эттэ.
Тэрээһин иккис чааһыгар РСФСР спордун бэтэрээнэ, экстремал хайыһардьыт Андрей Потапов-Айанньыт «Кыайыыны уруйдуур Дьааҥы хоһуун хайыһардьыттара» кинигэтин сүрэхтэниитигэр Дьокуускайтан Дьааҥыга диэри кыһыҥҥы суолунан сиринэн айаннаан кэлбит иккис көлүөнэ хайыһардьыттара оччолордооҕу айаннарын уонна «хайыһар барыбытын түмпүтэ” диэн махтал тыллардаах истиҥ ахтыыны оҥордулар.
Куорат олохтоохторо хайыһар спордугар маастарга хандьытаат — Виталий Мироновы, туризмҥа уонна мас тардыһыытыгар СӨ спордун маастарын — Владимир Шарины, авиация бэтэрээнин, спорт бэтэрээнин Виктор Новиковы, РСФСР спордун бэтэрээнин Андрей Потаповы уонна үһүс көлүөнэ хайыһардьыттарын Виктор Стручкову, Олимпий Потаповы, Дмитрий Эверстовы түһүлгэ үрдүк сыанатыгар уруйдаан көрүстүлэр.
Владимир Шарин: «Ол хайыһарынан сырыыларга сылдьыбыппыттан улаханнык киэн туттабын. Мин алаас сиргэ төрөөбүт киһи, бу адаар таас хайалардаах дойдуну -«бухатыыр дойдута», алаас сири – “кыыс дойдута» диэхпин баҕарабын. Бэйэни ыарахаттарга тургутуу инникитин салҕана турдун, муҥурданыа суоҕа диэн эрэнэбин».
Боронук нэһилиэгиттэн кыраайы үөрэтээччи Сардана Михайловна Горохова Дьааҥыга физкультура, спорт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Орто Халыматтан төрүттээх Слепцов Иннокентий Христофорович аан бастакы хайыһар походун 1941 с. олунньу 8 күнүгэр, халлаан -59 кыраадыс тымныйан турар кэмигэр Верхоянскай — Мэдэгэй – Орто Сайылык — Верхоянскай диэн хайыһардьыттар аан бастакы бөлөхтөрүн тэрийэн, суол аспытын туһунан сонун, иһиллэ илик иһитиннэриини оҥордо.
Үс көлүөнэ хорсун сырыылаах хайыһардьыттар ааттарын долгуйа аҕыннылар.
Бу үтүө тэрээһини көҕүлээччи култуура үлэһитэ Прасковья Шарина, култуура салалтата Надежда Саввинова уонна оройуон дьаһалтатын салайааччылара, нэһилиэк баһылыктара ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга махталларын эттилэр.
This post was published on 25.02.2021 12:01 12:01