Дьааҥыга чох тиэллиитэ былаан хоту баран иһэр

ааптар түһэриитэ

ГУП ОДьКХ — Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын Дьааҥытааҕы филиала уонна улуус дьаһалтата чох тиэллиитигэр күүскэ үлэлииллэр. Былааннаах үлэлэр сүнньүлэринэн Дьааҥы улууһун дьаһалтата уонна ОДьКХ Дьааҥытааҕы филиала нэдиэлэҕэ иккитэ чох тиэллэр, тахсар кыһалҕалар кэмигэр туоратыллаллар.

Ааспыт сылга 10 тыһыынчаттан тахса туонна чоҕу Нижнеянскайга, 62 тыһыынчаттан тахса туоннаны Уус Куйгааҕа аҕалбыттара. Иллэрээ күн Нижнеянскайтан кэлбит чох улуус киинигэр сүөкэннэ, диэн ГУП ОДьКХ Дьааҥытааҕы филиалын салайааччыта Владимир Софронович Семенов иһитиннэрэр.

«Холобур, Табалаах нэһилиэгэр бырысыаптаах массыына кыайан сылдьыбат, онон чох Баатаҕайга сүөкэнэн баран тиэллэр. Билиҥҥи туругунан 46% чох бэлэмнэннэ, Чөрүмчэҕэ – 41% , Дулҕалаахха — 63% . Ааспыт сылга Дулҕалаах мотуохтаан чохторо уонтан тахса күн ууга сыппыта, ол түмүгэр тымныылар түһүүлэригэр чох чиҥиччи тоҥон кэккэ кыһалҕалары үөскэппитэ. Ол да буоллар, эдэр маастар салайааччылаах хачыалынай үлэһиттэрэ бэркэ дьаһанан үлэлии олороллор», — диэн Владимир Семенов сырдатта.

Бүгүҥҥү туругунан, Сартаҥҥа чох сыллааҕы былаантан 53% тиэллиннэ, Арыылаахха 51 %,  Уус Куйгаҕа –16%. Чох тиэллиитин күн ахсын кэтииллэр, хонтуруоллууллар, онон барыта былаан хоту баран иһэр.

«Чох тиэллиитэ ааспыт сыл муус устар ый 14 күнүгэр түмүктэммитэ. Былырыын чох аҥаара Куйгаҕа, аҥаара Нижнеянскайга сыппыта. Нижнеянскай ыраах — 770 килэмиэтир. Быйыл ырааҕа арыый чугаһаан – 62 тыһыынча туонна чох Уус Куйгаҕа кэлбитэ. Сыһыаран эттэххэ, улууска үс араас чох кэлбитэ – Дьэбэрикиттэн, Зырянкаттан, Сангаартан. Дьэбэриккиттэн (Томпоттон) кэлэр чох объемун сатаан биэрбэтинэн быйыл аҕыйах аҕалылыбыта. Оттон Сангаар (Кэбээйи) чоҕо ураты буолан сайын умайан тахсарынан, оттугу сүрүннээн Зырянкаттан (Аллараа Халыматтан) аҕалыллар. Ол курдук, Дьэбэрики, Сангаар чохторо Өлүөнэ өрүһүнэн, Зырянка чоҕо Халыма өрүһүнэн тиэллэн бары Куйгаҕа сүөкэннилэр. Манна улууска массыынаннан тиэллэллэр», диэн салайааччы чопчулаата.

Манна даҕатан эттэххэ, улууска мотуох тахса сылдьыбытынан 1000 туонна чоҕу Дьэбэрики хайаттан массыынанан аҕалыы былааннаммытынан биир массыына кэлбитэ.

Раиса ЧИРИКОВА

This post was published on 07.03.2023 11:01 11:01