Дьааңыга олорон ааспыт музыканнар, ырыа айааччылар ааттарын уонна ырыаларын үйэтитэргэ аналлаах «Чүмэчиң умайар» ырыа-кэриэстэбил түһүлгэтэ буолан ааста. Иһирэх киэһэ бар дьоҥҥо анаммыт ырыалар ис сүрэхтэн толорулуннулар.
Арылаахтан Олег Домнин салайааччылаах «Тоҕой тойуга», Табалаахтан Василий Потапов салайааччылаах «Дьүкээбил’ ВИА-лар, Адыаччы, Үөттээх нэһилиэктэриттэн, Верхоянскай куотаттан ырыа бөлөхтөрө уонна Боруулаахтан, Элгэстэн, Баатаҕайтан, Токуматтан биирдиилээн толорооччулар кытыннылар.
Кэнсиэргэ Орто Дойдуга олорон ааспыт 16 ааптар 70-90 сыллардааҕы ырыалара ылланнылар. Дьааңы уонна Эбээн-Бытантай урут биир улуус буоланнар, оччотооҕу ыччаттар Баатаҕай үс этээстээх таас кулуубугар элбэхтик ыллаабыттара-туойбуттара. Оттон билигин кинилэр дойдуларыгар, бар дьонноругар анаан хаалларбыт, киэң сүрэхтэртэн иэйиллэн тахсыбыт ырыаларын бүгүңңү ырыаһыттар толордулар.
«Эһэ Хайаттан хойутаан кэлэммин миэстэҕэ тиксибэтим, аан аттыттан кэнсиэри көрдүм. Уолаттар сатаан ыллыыр эбиттэр. Потапов Михаил 70-нус сылларга Василий Дедюкин тылларыгар айбыт, элбэхтик иһиллибэтэх «Ааттал» диэн ырыатын Эркин, оттон Семен Слепцов аатырбыт «Ытаама, ийэкэм » диэн ырыатын Иннокентий Кысылбаиков киһи эрэ долгуйуох гына ыллаатылар«, — диир олохтоох бэйиэт Александр Стручков.
«Михаил Потапов «Ааттал» диэн ырыатын оҕо сылдьан истибитим. Киһи сөбүлээбит ырыата өйүгэр хаалар эбит», — диэн ахтар аранжировщик быһыытынан бэркэ биллэн эрэр ырыа толорооччу Эркин.
Улахан экраңңа ырыаны тэңэ хаартыскаларынан айан-ыллаан ааспыт дьон мөссүөннэрэ көһүннэ. СӨ ырыа айааччылар сойуустарын бэрэсэдээтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх атыыһа Алексей Егоров, СӨ суруйааччыларын сойууһун сүбэтин чилиэнэ, «Күрүлгэн» сурунаал эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан уонна бу бырайыак тэрээһинин Эбээн-Бытантай улууһугар ыыппыт култуура салалтата Лидия Софроновна Сыроватская видеонан санааларын уонна эҕэрдэлэрин ыыттылар.
Хас биирдии тахсыбыт толорооччуну туолбут саала көрөөччүлэрэ иһирэх ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар. Дьааңыттан төрүттээх Саха эстрадатын тыйаатырын артыыһа Лэгэнтэй сыанаҕа тахсыыта төрөөбүт дойдуга ахтылҕан, сүгүрүйүү бэлиэтэ буолла.
Тэрээһин иккис түһүмэҕэ куолакал, музыка доҕуһуолоаах уостубат кыымнаах элбэх фонариктары халлааңңа көтүтүү буолла. Учуутал Людмила Потапова: «Адьас сулустар курдук көстүөхтэригэр диэри өр көрөн турдум. Маңнай биир бөлөх 16 фонарик тэбис-тэңңэ көнөтүк көтөн үөһэ куйаар диэки бара турда. Онтон арыаллаабыттыы атын фонариктар сэргэстэһэ көттүлэр«, — диэн сөҕө кэпсиир.
Үһүс түһүлгэҕэ ырыа айааччылар ирэ-хото кэпсэтэн санаа атастастылар. Дьааңы ырыатын-тойугун, тыыннаах музыкатын иилии сылдьар музыканнар маннык тэрээһиннэр үүнэр көлүөнэни кэрэ эйгэтигэр иитиигэ, киһи буолан үүнүүлэригэр ырыа, сыанаҕа тахсыы туһалааҕын, тускула инникилээҕин тоһоҕолоотулар.
«Чүмэчиң умайар» тэрээһин оскуолаларга туһунан тиэмэнэн сырдатылынна үөрэнээччилэр олус сэргээтилэр уонна урукку да ырыалары истибиттэрин эттилэр, диэн учууталлар, төрөппүттэр сэһэргииллэр.
«Хоту дойду ыраах түөлбэлэринэн, нэһилиэктэринэн төһөлөөх элбэх ырыа айар тыа дьоно олорон ааспыттара буолуо?! Бу бырайыак олус сөпкө толкуйдаммыт эбит. Олус иһирэх, уйадытар түһүлгэ буолбутуттан махтанабыт» диэн санаалар бассаап бөлөхтөрүнэн тэнийдилэр.
Ахсынньы аам-даам тымныытыгар «Дороги Арктики», Баатаҕайдааҕы 32 нүөмэрдээх лицей нэһилиэктэн кытта кэлбит дьон массыыналарын сылаас харааска туруортаан көмөлөстүлэр.
Улуус нэһилиэктэригэр өссө сэтинньи ыйтан саҕаламмыт «Чүмэчиң умайар» бырайыак чэрчитинэн тэрээһиннэр салҕаналлар.
Хас биирдии орто дойдуга кэлэн ааспыт мусукаан-ырыа айааччы дьиэ кэргэннэригэр уонна тыыннаах дорҕоону иилээн илдьэ сылдьар мусукааннарга өйдөбүнньүк анал бэлиэ статуэткалары туттардылар. «Тымныы чыпчаала» музыкальнай студия салайааччы музыкана Валентина Прудецкая «Хас биирдии айар киһи айылҕаттан анаммыт төрөөбүт дойдуга таптала ырыанан этиллэр» диэн этиитэ «Чүмэчиң умайар» тэрээһин суолтатын бигэргэттэ.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА, Дьааҥы