Дьааңыга айан суолун дьылҕатын быһаарыыга промышленниктар кыттыһаллар

Дьааҥы оройуона Саха сиринхХотугу полярнай эргимтэтигэр сытар 189,7 тыhыынча квадратнай иэннээх улуус. Улуус киинигэр диэри Дьокуускайтан сиринэн 1068 килэмиэтир, уунан 2785 км., халлаанынан 705 км айаннаах. Билигин улуус дьаһалтата айан хааччаҕа суох буоларыгар тосхол былааннаан үлэ ыытар.


Дьааҥыга сиринэн суол улуус экономическай олоҕор–дьаһаҕар тыын суолталаах боппуруос буолар.

«Дьааҥы оройуона» МТ баһылыга Гаврил Чириков: «Саха сирин сайдыытын стратегиятыгар Дьааҥы суолун оҥоруу киирэн турар. Улуус территориятыгар хайа баайын хостуур тэрилтэлэр үлэлээн эрэллэр. «Полиметалл» салалтата ааспыт сыл улуус нэһилиэктэрин дьаһалталарын кытта көрсүбүтэ. Онно олохтоох дьаһалталар, өрөспүүбүлүкэ, федеральнай бюджет уонна «Полиметалл» кыттыһан үбүлүүр түгэммитигэр суолу оҥоруу боппуруоһа быhаарыллыан сөп диэн кэпсэппиппит«, — диэн этэр.

Ил Түмэн инвестицияҕа уонна тутууга бастайааннай кэмитиэтигэр улуус аатыттан сурук ыытыллыбыт, сүнньүнэн өйөбүл ылыллыбыт.

СӨ Ил Дарханын дьаһалынан Саха сирин суолларын уонна «Полиметалл» тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ бэттэх кэлии суолу, Хаандыгаттан «Полиметалл» үлэлиир Прогноз учаастагар тиийэр суолу чинчийэн үөрэтэр экспедиция үлэтин саҕалаата. Чинчийии түмүгүнэн отчуот түһэриллэн, суол дьылҕата быһаарыллыаҕа.

«Урукку өттүгэр икки хайысханан – Кэбээйинэн уонна Томпонон кэлии суоллар үөрэтиллэ сылдьыбыттара. Айылҕа бэйэтин оҥоһуутунан, көмөтүнэн уонна оройуон уһун сылларга ыыппыт дьаныардаах үлэтин түмүгүн көрүүтүнэн, улахан анаарыылаах сүбэлэһиилэр кэннилэриттэн, Томпонан кэлэр суол табыгастааҕа быһаарыллыбыта«, — диэн этэр улуус баһылыга.

Баhылык Г. И. Чириков СӨ Үрдүкү салалта улуус туруорсуутунан Томпонон кэлэр суолу чинчийиигэ экспедиция үлэтин ыыта сылдьалларын уонна бу сыл бэс, от ыйдарыгар суол оҥоһуутугар тустаах дьаһал ылыллыаҕа диэн эрэнэ сабаҕалыыр. Улууска эрдэлээн аһыллар, хойутаан сабыллар үчүгэй суол баар буоллаҕына улуус сайдыытын кэскилигэр улахан өйөх буоларын этэр.

Дьааҥы улууһа Саха сирин хабайар хаба ортотугар сытар, сиринэн, халлаанын айаннаах улуус. Кыhыҥҥы суол сабылынна да сөмөлүөтүнэн таhыллар бородукта, табаар сыаната лаппа улаатар. Онон суол оҥоһуутун боппуруоһа үчүгэй өттүнэн быhаарыллыыта — улууhу элбэх кыhалҕаттан быыhыаҕа.

This post was published on 06.05.2020 13:02 13:02