22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьааҥыга Адыаччы оскуолатын фронтовик-учууталларын туһунан кинигэ сүрэхтэннэ

13:04, 24 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Оройуон киин бибилэтиэкэтигэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин чэрчитинэн кыраайы үөрэтээччи Дмитрий Николаевич Акимов «Хараҥаны сырдаппыт кыһабыт» кинигэтин сүрэхтэниитин түһүлгэтэ буолан ааста. Түһүлгэни киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр секторын үлэһитэ Владимир Мишуков иилээн ыытта.


Бу сүҥкэн улахан сыралаах үлэннэн тахсыбыт кинигэҕэ 1931-1945 сылларга Адыаччы оскуолатыгар учууталлаабыт фронтовик-учууталлар, оскуола бастакы үөрэнээччилэрэ уонна ол кэмнэрдээҕи Дьааҥы оройуонун үөрэҕириитин тустарынан чахчылар киирбиттэр.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии дьаһалтатытын  баһылыга Гаврил Ильич Чириков кинигэ оройуоҥҥа уонна Саха сирин үөрэҕириитин салаатыгар историяны кэпсиир архыып буоларын тоһоҕолоото, оройуон социальнай бэлиитикэҕэ баһылыга Михаил Игнатьевич Осипов кинигэ сыаналаммат дириҥ суолтатын этэн туран, улуус нэhилиэктэригэр кинигэ сүрэхтэниитэ ыытыллара туһааннааҕын ыйда.

Ааптар кинигэтин тахсыытыгар Адыаччы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Валерий Николаевич Стручков (көмпүүтэргэ таҥааччы) , «Дьааҥы аартыга» хаһыат эппиэттир сэкиритээрэ Александр Маманович Васильев (кинигэ эрэдээктэрэ)  улахан күүс-көмө буолбуттарын сырдатан туран, махтал суруктарын туттарда. Дмитрий Акимовка Александр Васильев «Дьааҥы аартыга» хаһыат аатыттан махтал суруктаах Арассыыйа суруналыыстарын түөскэ иилинэр бэлиэтин туттарда.

В.С.Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын саха тылын учууталлара Слепцова Вера Семеновна уонна Акимова Зоя Николаевна бу архыып докумуоннарыгар олоҕуран суруллубут саҥа кинигэ сурэхтэниитин үрдүкү кылаастарга тэрийбиттэрин туhунан ааптар аҕынна: «Хас да сыл сыраны ылбыт үлэм хайдах суруллан тахсыбыт историятын, хас биирдии Адыаччы олохтооҕор сыhыаннаах буолан оҕолор олус сэргээбиттэрэ, чуумпуран олорон истибиттэрэ. Дьиҥнээх чахчылары киллэрэр туhуттан, Саха сирин үгүс улуустарыгар тахса сылдьыбытым, тустаах дьону кытта сибээстэhэммин элбэх чахчылары булбутум».

«Хараҥаны сырдаппыт кыhабыт» кинигэ бибилэтиэкэлэргэ тарҕатылынна. Онон кэрчик кэмнэри кэпсиир дириҥ уорҕалаах кинигэ Дьааҥы оройуонун үөрэҕириитигэр, оройуоҥҥа сыл бастакы бэлэҕэ буолла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА