Дьааҥы улууһуттан бырамыысыланнаска аҕыйаҕа суох ыччат үлэлиир. Олортон биирдэстэрэ, Сартаҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх, геолог идэлээх Николай Аммосов буолар. Кини биир дойдулаахтарын Мииринэй оройуонугар уөрэнэ,үлэлии кэлин диэн ыҥырар.
Николай Аммосов ХИФУ геолого-разведочнай факультетын бүтэрбитэ, билигин Удачнайдааҕы хайаны байытар кэмбинээккэ сир аннынааҕы рудникка учаастактааҕы геологынан үлэлиир.
— 2016 сыллаахха Мииринэйдээҕи хайаны байытар кэмбинээккэ «Мир» рудникка шахтаҕа учаастактааҕы геологынан үлэлии киирбитим. Ити сыл атырдьах ыйыгар рудникка улахан саахал тахсан, сэтинньи ыйга Удачнайдааҕы ГОК-ка көһөрбүттэрэ. Геолог үлэтэ олус эппиэтинэстээх, ыарахан – шахтаҕа геологическай хонтуруолу тэрийэбит, докумуону толоробут. Удачнай куорат Мииринэйтэн 500 км тэйиччи турар. Манна бородуукта сыаната, куораты кытта тэҥнээтэххэ, ыарахан соҕус. Спортсаала, бассейн, стадион барыта баар. Уопсайынан, үлэһит сынньанарыгар усулуобуйа тэриллэр. Биир сылга диэн олорор дьиэнэн хааччыйбыттара. Бэйэм кэргэннээхпин, 4 саастаах уол оҕолоохпут. Дьааҥыттан сылдьар ыччат олох аҕыйахпыт. Мин билэрбинэн, эмиэ Сартаҥтан төрүттээх геофизик уол Мииринэйгэ баар, Айхалга Верхоянскай уола взрывнигынан үлэлии сылдьар, — диэн кэпсиир Николай.
Мииринэй куоракка ХИФУ филиала, колледж баар. Онон манна ыччат кэлэн үөрэнэн, идэ баһылыырыгар кыах баар.
— Дьааҥы ыччатын кэлэн үөрэниҥ диэн ыҥырыам этэ. Манна үөрэнэр устудьуоннар быраактыкаларын тутатына «АЛРОСА» хампаанньаҕа ааһаллар, бүтэрдэхтэринэ үлэлии хаалаллар. Онон олус табыгастаах. «АЛРОСА» — арассыыйаҕа алмаас бырамыысыланнаһынан дьарыктанар биир бөдөҥ хампаанньа. Манна киһи эрэ барыта үлэлии киирбэт, элбэх киһи үлэлиэн баҕарар. Хампаанньаҕа үлэ миэстэтэ куруук тахсыбат. Ол иһин устудьуоннар быраактыкаларын бу тэрилтэҕэ ааһаллара бэйэлэригэр барыстаах. Инникитин үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ, манна үлэлииргэ дуогабар түһэрсэллэр», — диэн санаатын үллэстэр Николай Аммосов.
Дьэ, ити курдук, Дьааҥы ыччата быраммыысыланнас сайдыытыгар бэйэтин сэмэй кылаатын кииллэрэр. «Баҕар, кимиэхэ эрэ бу кэпсэтиибит туһалыаҕа», — диир Сартаҥ ыччата Николай Аммосов, онон инникитин да интэриэһинэй идэлээх ыччаппыт туһунан суруйа, сырдата туруохпут диэн эрэннэрэбит.