Дойдуга коронавирус дьаҥыттан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин суоппардар эмиэ тутуһаллар. Ол эрээри, кыһыҥҥы суол сабылларын баттаһа, Дьааҥы уонна Эбээн-Бытантай улуустарын сылы туоруохтаах уматыктарын тиэйии салҕанар.
Дьааҥы улууһугар Усть-Куйгаттан чох тиэллэн бүтэн эрэр, билигин уматыгы тиэммит массыыналар субуһаллар.
Аара, Эҥэ сиригэр чэйдээн ааһар чайнойдара карантиҥҥа бараннар, ыраах айан суоппардара уруулларын тохтообокко эрийэллэр. Бытантайынан ааһаллар, тотоойу астаах тохтобулларын суохтаан ахталлар. Чайной үлэһитэ Дмитрий Бурцев «Айан суоппардарын аһатарбытыгар олохтоохтортон убаһа этин уонна хайаан да икки хас таба этин булуҥнартан атыылаһабыт. Аска талымас дьон баар буолааччылар. Ордук киин улуустар суоппардара ынах, сылгы иһин ыйытааччылар. Вирус иһиллээтин кытта чайнойу саппыппыт, суоппардар суохтааталлар да хайыыр да кыах суох, дьаҥтан бэйэбит да куттанабыт», — диир.
«Саханефтегазбыт» АУо Баатаҕайдааҕы филиалын дириэктэрэ Артем Колосов уматыгы Саккырыырга таһыы бүтэн эрэрин, тарированнай бензин, сэлээркэ нэһилиэктэринэн тиэллэрин, бүгүн икки массыына Сартаҥҥа бараары турарын сырдатта.
Тиэйиигэ-таһыыга үлэһиттэр: «Канистралары алдьаммыттар дуу, суох дуу диэн бэрибиэркэлиибит. Бу, Сартаҥҥа барыахтаах 25-тээҕи куруустуу сылдьабыт. Сылтан сыл кутуу элбиир, 14 тыһыынчаны куттубут», — дэһэллэр.