Дьааңы улууhун бары нэhилиэктэригэр анал байыаннай дьайыы буойуттарын дьиэ кэргэттэригэр аналлаах хамсааhыннар салҕаналлар. Табалаах нэhилиэгин дьахталлара Дойдуларын көмұскұұ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын ийэлэрин Марфа Прокопьевна Чирикованы, Сардана Васильевна Слепцованы уонна Елена Алексеевна Кононованы кытта көрұстұлэр, Аан Дойдутааҕы Дьахтар кұнұн бырааhынньыгынан эҕэрдэлээтилэр.
45 сылын доруобуйа харыстабылыгар ұлэлии сылдьар Арассыыйа друобуйатын харыстабылын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ұтұөлээх бырааhа Наталья Михайловна Слепцова саллааттар ийэлэрин доруобуйаларын бэрэбиэркэлээтэ, кэккэ сұбэлэри биэрдэ .
«Билигин ыарахан кэмңэ бары сомоҕоhуулаах буоларбыт хайаан да наада. Дойдуларын туhугар байыаннай анал дьайыыга инники кирбиигэ сылдьар оҕолордоох ийэлэргэ сұгұрұйэбин. Хотугу Аартыка кытаанах усулуобуйалаах сирин оҕолоро кыра саастарыттан кұұстээх санаалаах буола, булка, от-мас ұлэтигэр эриллэ улааталлар. Ол иhин барыта этэңңэ буолуо диэн эрэнэбит. Ийэлэр санаалара сырдыгын, бөҕөҕұн хайгыы сөҕөбұн, хорсун -хоодуот уолаттары ииппиттэринэн ис сұрэхпиттэн киэн туттабын», — диэн кэпсиир быраас.
Олох араас ыарахан балаhыанньатыгар тұбэспит дьону өйұұр «Дьұөгэ» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэтэ дириэктэрэ Клавдия Христофоровна Попова уонна нэhилиэк дьокутаата Диана Дмитриевна Жиркова сылаас санааттан тахсар эҕэрдэлэри саллааттар кұн кұбэй ийэлэригэр анаатылар. Итии чэйдээх, дэлэй астаах сандалы тула сырдык баҕа санааны арыаллыыр ұтұө тұстээх тұhұлгэҕэ ийэлэргэ харысхал бэлиэлэри бэлэх ууннулар.
«Маннык көрсұhұұлэр тэриллэллэрэ, улуус, дьаhалта өттұттэн көмө, өйөбұл оңоhулларыттан долгуйан туран махтанабыт», — дииллэр Дьааңы улууhуттан анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттар ийэлэрэ.
Ааптар: Раиса Чирикова, Дьааҥы улууһа
This post was published on 09.03.2023 14:01 14:01