Боруулаах агро-оскуолатыгар оҕону олоххо, ұлэҕэ бэлэмнииллэр. Быйыл «Сатабыл» дьарык иhинэн улахан кылаас уолаттарын икки ардыларыгар «Сатабыл-2022» диэн хас да түһүмэхтээх оройуоннааҕы кұрэҕи ыыттылар. Кұрэххэ улуус оскуолаларын хамаандалара кытыннылар.
Арыылаах агро-оскуолатын бастакы хамаандатын Бурцев Игнатий Михайлович, иккис хамаанданы Потапов Николай Николаевич салайан аҕаллылар. Боруулаах хамаандатын – Герасимов Айал Владмирирович, иккис хамаанданы Горохов Владимир Ильич туруордулар. Боронук оскуолатын хамаандатын Слепцов Айсен Русланович салайан аҕалла.
Боруулаах орто оскуолатын иитиигэ дириэктэри солбуйааччы Анастасия Александровна Юмшанова эппитинэн, урукку өттүгэр «Сатабылга» кыыс, уол диэн араарбакка күрэхтэр ыытыллыбыт эбит буоллахтарына, бу сырыыга күрэх уолаттарга эрэ ыытылынна.
Күрэххэ уолаттар кыахтарын, сатабылларын көрдөрдүлэр. Ол курдук, уол оҕону тыа сирин ұлэтигэр сыһыарыыга туһуламмыт «Аты айааһааһын» үгүс көрөөччүгэ сонун көстүү буолла. Арыылаах курдук ыраах нэһилиэктэн кытта кэлбит «Мохсоҕол» хамаандаттан Аммос Слепцов бу түһүмэххэ кыаҕын чахчы көрдөрдөн, иннин кимэхэ да биэрбэтэ, 1 миэстэлээх үрдэл хаһаайына буолла. 2 миэстэни Боруулаахтан «Эрэл» хамаандаттан Ваня Божедонов эрэллээхтик ылла уонна 3-һүс бириистээх миэстэни Арыылаах «Бэдэр» хамаандатыттан Максим Старостин үктээтэ. Уолаттар айаҥҥа турунуохтаах аты үүннээн-тэһииннээн, ыҥыырдаан бэлэмнииллэрин таһынан, этиллибит бириэмэҕэ стадиону тула атынан сүүрдэн сиэллэрдилэр.
Иккис түһүмэх «Аты сыарҕалааһын». Аты сыарҕалаан баран сүүрдүүгэ иккилии киһи кытынна. Уолаттар саха киһитин олоҕор-дьаһаҕар туһалаах, ииттэр миҥэ, тиэйэр көлө, аһыыр ас, таҥас-сап ыйаахтаах Күн Дьөһогөй оҕотугар — акка сыстаҕастарын, сатабылларын бу да түһүмэххэ ырылхайдык көрдөрдүлэр. Боруулаах оскуолатын «Эрэл» хамаандатыттан Божедонов Кирилл, Комелев Феликс бастаатылар. Иккис миэстэни Арыылаах «Мохсоҕол» хамаандатын уолаттара Слепцов Аммос, Аммосов Егор ыллылар. 3-миэстэҕэ таҕыстылар — Боруулаах иккис хамаандата «Сонор» уолаттара Федоров Вадим, Божедонов Ваня. Кұрэҕи оскуола физическэй култуураҕа учуутала Илья Николаевич Попов иилээн-саҕалаан ыытта.
Кұргұөмнээх тэрээhиңңэ оройуон баhылыгын бастакы солбуйааччыта Гаврил Гаврилович уонна ұөрэх салалтатыттан Тимофеев Валентин Кононович кұрэх кыттыылаахтарын, бар дьону эҕэрдэлээтилэр. Улуус баhылыгын Гаврил Ильич Чириков аатыттан уонна спонсордар ааттарыттан кыайыылаахтарга, кыттааччыларга сыаналаах бэлэхтэри туттардылар. Маны таhынан Боруулаах оскуолатыгар ыытыллыахтаах хапытаалынай өрөмұөңңэ улуус дьаһалтата эбии ұбұлээhин көрөрұн иhитиннэрдэ.
«Аты айааhааhын» кұрэҕин кыайыылааҕа Аммос Слепцов урут Боруулаахха «Булчут кұрэҕэр» кэлэн кыттыбыт. Бэйэлэрэ сылгы ииттэр буоланнар кыра эрдэҕиттэн акка сыстаҕаhын кэпсиир, былырыыңңыттан ат сұұрдұұгэр кыттыбытын, ону таhынан от-мас ұлэтэ тыа сирин олоҕун сорҕото буоларын быhыытынан, ұөрэх дьыла бұттэҕинэ, сайыңңы сынньалаңар оттуу барарын этэр.
Боруулаах иккис хамаандатын салайааччыта Владимир Ильич оҕолору «Сатабыл» иhинэн дьарыктыыр. «Быйаң уонна Кустук диэн аттарбын кұрэххэ ұлэлэтэ аҕаллым, » Ыччат» диэн атым антах сиргэ сылдьар, ыhыахтарга ат сұұрдұұтұгэр кытыннарабын. Баҕалаах оҕолору салгыы дьарыктыах этим», — диир.
Владимир Ильич сылгылара сымнаҕастарын кұрэх кыттааччылара бэлиэтииллэр. Кустук уонна Быйаң «Аты айааhааhын», «Аты сыарҕалааhын» кэнниттэн дьону хатааhылаттылар.
Ааптар: Раиса Чирикова, Дьааҥы улууһа
This post was published on 29.04.2022 13:01 13:01