Дьааңы улууhун нэhилиэктэрин икки арда балачча тэйиччи сыталлар. Тымныы халлаан айаны, олоҕу, үлэни, үөрэҕи тохтоппот. Үрдүк систэринэн М. И. Осипов салайааччылаах улуус ааспыт сыллааҕы отчуотун мунньаҕын бөлөҕө айанныыр. Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр.
Алыhардаахха уонна Адыаччыга отчуоттаан баран бөлөх киэhэ 10.00 чааска икки массыынанан салгыы айаннаата. Аара Ытык сискэ дабайыыга суолу туора бырысыаптаах КАМАЗ тохтообут. Суоппар массыынатын анныгар киирэн өрөмүөннэнэр. Кэпсэтэн билсибиппит, чох тиэйэ баран иһэр массыына. Суоппар нуучча уола Вадим кэпсээбитинэн, бырысыаптара сиhи тахсыыга халтарыйбыт. Бөлөх дьоно кииҥҥэ төлөпүөннээн балаһыанньаны биллэрдилэр. Уолаттар бөлөҕү кытта барсартан кыккыраччы акаастаннылар.
Отчуоттааччылар массыыналара сиhи туораан, салгыы балай эмэ айаннаан истэҕинэ тыа быыhыттан хаары бүрүммүт үс киhи тахсан далбаатаатылар. Тохтуубут. Тоңон ибигирэспит уолаттартан биирдэрэ Улахан ручей сиригэр балааккаҕа олорон мас кэрдэ сылдьалларын эттэ. Ахсыс күннэрэ буолбут. Астара бүтэн сатыы дьиэлээн иhэллэрин кэпсээтэ.
Тохсунньу томороон тымныытын аахсыбакка, тайҕаҕа мас кэрдэллэр, олох-дьаһах наадатыгар айан массыыналара бараммат систэри дабайан айанныыллар. Сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы, тамайа сиэлэр табалары көрөр хоhуун үлэhит, хорсун дьон элбэх.
Масчыт уолаттар Баатаҕайга этэңңэ кэллилэр. Оттон Вадимы 50 кыраадыстаах тымныыга бииргэ үлэлиир дьоно хаалларбатахтар, түүннэри баран көмөлөспүттэр.
Айан суолугар араас буолар.
Улуус оччуоттуур бөлөҕө халлаан суһуктуйуута аны Токума, Боруулаах нэhилиэктэригэр айаннаата.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА