Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускай куоракка Кулаковскай аатынан култуура дьиэтигэр «Дьааҥы оройуона» дьаһалтатын уонна «Землечество Заполярного Верхоянья» Дьааҥы оройуонун биир дойдулаахтарын көрсүһүүлэрэ буолан ааста, диэн Вести Верхоянья телеграм-ханаал суруйар.
Киэһэ чэрчитинэн култуура дьиэтин мраморнай саалатыгар норуот айымньытын маастардарын оҥоһуткарын атыыта уонна быыстапката тэрилиннэ, сайаапканан 20- тэн тахса киһи кытынна. Кэнсиэр дьоро киэһэтэ Никитина Любовь Алексеевна салайааччылаах аҕыйах ахсааннаах норуоттар судаарыстыбыннай тыйаатырдарын «Гулун» үҥкүүгэ ансаамыбла, Олоҥхо тыйаатырын коллектива — Василиса Алексеева, Мария Михалева, Павел Колесов уонна Валерий Саввиновы, Ева Кузьмина салайааччылаах «Севереное сияние «ХИФУ устудьуоннарын үҥкүүгэ ансаамбыла, эстрада сулустара Иннокентий Васильев- Лэгэнтэй, Алексей Гольдеров, Лера уонна Вика Неустроевалар, Анна уонна Михаил Рожиннар, Саргылана Слепцова, Олег Беляев, Виктория Домнина күүстэринэн буолла. Кэнсиэртэн киирбит үп барыта Дьааҥы улууһуттан быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмө пуондатыгар барыаҕа.
«Кэнсиэр бэлэмигэр уонна билиэти атыылааһыҥҥа бириэмэ олус аҕыйах этэ эрээри, барыта үрдүк таһымҥа ааста дии саныыбыт. Саалабыт олох кыранан туолбата, биир дойдулаахтарбыт биһиги ыҥырыыбытыгар олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, үлэ күнэ, кырыктаах тымныы диэн аахсыбакка кэлбиттэригэр махталбыт улахан», — диэн кэнсиэр продюсера Ольга Борисовна Прудецкая кэпсиир.
Дьааҥы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
This post was published on 14.12.2022 12:05 12:05