Дьааҥы улууһугар оскуола дириэктэрэ сокуоннайа суох бириэмийэлэри суруммут

Дьааҥы улууһугар оскуола дириэктэрэ үбү-харчыны уорууга буруйданар. Холуобунай дьыаланы суут көрүүтүгэр ыыттылар диэн, Саха сирин силиэстийэлиир кэмитиэтэ иһитиннэрэр.

2016 сылтан 2020 сылга диэри дириэктэр дуоһунаһыгар олорон, дьахтар сокуоннайа суох бирикээстэри оҥорон, бэйэтигэр уонна атын үөрэх тэрилтэтин салайааччыларыгар бириэмийэлэри анаабыт. Барыта 2,9 мөл. солк. суумаҕа сокуоннайа суох бириэмийэ төлөммүт. Силиэстийэлиир кэмитиэт биэс буруйу оҥороуу эпизодун быһаарбыт.

Буруйданааччы хамсаабат баайын-дуолун туттулар, холуобунай дьыаланы суут көрүүтүгэр ыыттылар.

This post was published on 26.10.2023 10:06 10:06