Дьааҥы улууһугар халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Томтор нэһилиэгэр киһи өллө

Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Дьааҥы улууһун Томторугар  киһи өллө. Быһылаан от ыйын 12 күнүгэр тахсыбыт.

Саха сирин ИДьМ пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрбиттэринэн, эр киһи угаар гааһынан тыынан өлбүт. «Кини ууну мотопомпа көмөтүнэн хачайдыы сылдьан, угаар гааһынан тыынан өлбүт. Сотору кэминэн дьыала матырыйааллара силиэстийэлиир кэмитиэккэ бэриллиэхтэрэ», — диэн ИДьМ иһитиннэрэр.

Санатан эттэххэ, Дьааҥы улууһугар ардахтан уонна үрэхтэр тахсыыларыттан аҕыс нэһилиэнньэлээх пуун ууга барда. Хас да нэһилиэк ууттан босхолонно. Билиҥҥитэ Баатаҕай, Хайыһардаах уонна Сайдыы нэһилиэктэрэ ууга барар кутталлаахтар.

This post was published on 13.07.2022 17:01 17:01