Дьааҥы улууһугар билэр кыыһын өлөрбүт киһини 9,5 сылга хаайыыга ыыттылар

Фото: Мария Васильева/ЯСИА

Дьааҥы улууһун Баатаҕай-Алыыта нэһилиэгин урут сууттана сылдьыбыт  34 саастаах олохтооҕо бэйэтин билэр киһитин өлөрүүгэ буруйдааҕынан быһаардылар. Кинини 9,5 сылга хаайыыга ыыттылар, диэн өрөспүүбүлүкэ Силиэстийэлиир кэмитиэтигэр иһитиннэрдилэр.

2022 сыл ыам ыйыгар эр киһи 29 саастаах кыыһы түөһүгэр быһаҕынан анньыбыт. Кыыс быһылаан тахсыбыт миэстэтигэр өлбүт.

Силиэстийэ уонна суут кэмигэр эр киһи буруйун билиммэтэх, араас быһыыны-майгыны ойуулаан көрбүт. Ол эрээри, силиэстийэлиир кэмитиэт хомуйбут  дакаастабыла бигэ буолан, суукка олорор дьону эр киһи буруйугар итэҕэттилэр

Суут түмүгүнэн, эр киһиэхэ 9 сыл 6 ый кытаанах режимнээх хайыыны анаатылар.

This post was published on 24.03.2023 18:05 18:05