Дьааҥы улууһугар аһы-үөлү уонна гуманитарнай таһаҕаһы тиэрдэллэр. Бу туһунан экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Бырабыыталыстыба хамыыһыйата ардахтаах халаантан эмсэҕэлээбит хоромньуну ааҕыыны салгыыр. Билигин Саха сирин экологията консультативнай көмөнү киллэриэҕэ, Дьааҥы улууһун дьаһалтатыгар дьоҥҥо көмө оҥорорго тустаах докумуону бэлэмниир исписэлиис ананна. Итиэннэ аадырыстаах көмөнү оҥорууга үлэ эмиэ бара турар. Көмөнү Дьааҥы уонна Кэбээйи оройуоннарын 187 ыала уопсайа 2 мөл. 305 тыһыынча солк. суумаҕа ылбыттар.
This post was published on 22.07.2022 13:01 13:01