Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Дьааҥы оройуонугар социальнай суолталаах эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэргэ, Ми-26 ЫБМ бөртөлүөтэ 125, 3 туонна тутуу матырыйаалын тиэрдэр. Ол туһунан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников салайааччылаах бырабыыталыстыба мунньаҕар иһитиннэрдилэр.
«Ми-26 Саха сиригэр от ыйын 19 күнүттэн үлэлиир. Атырдьах ыйын 8 күнүттэн салгын суудуната тутуу матырыйаалларын тиэйиини саҕалаабыта. Бөртөлүөт тоҕуста көтөрө былааннаммыт, кинилэртэн үс рейс толоруллубут. Күн-дьыл турдаҕына рейстэр атырдьах ыйын 16 күнүгэр диэри түмүктэниэхтэрэ», — диэн Садовников иһитиннэрдэ.
АО «Якутоптторг» таһаҕаһы тиэрдии сүрүн операторынан быһаарылынна. Былааннаммыт 125,3 туоннаттан бу тэрилтэ линиятынан 90,8 туоннаны тиэрдиэхтэрэ. Хаалбыт таһаҕаһы Дьокуускайга «СӨ ОДьКХ» ГУП, нэһилиэнньэҕэ куттала суох буолууну хааччыйар судаарыстыбыннай кэмитиэт, уонна тутуу министиэристибэтэ илдьиэхтэрэ.
This post was published on 12.08.2022 14:03 14:03