Дьааҥы оройуонун Улахан күөлүгэр 26,5 туонна чох тириэрдилиннэ. Тохсунньу 9 күнүгэр, эрдэ тириэрдиллибит уматык хаачыстыбата куһаҕанынан, «Киин» хочуолунай биэрэр итиитин температурата түһэ сырытта.
Социальнай ситимнэргэ уонна мессенджердарга дьиэлэргэ тымныйан, хочуолунайга чох бүтэн эрэрин туһунан иһитиннэрии тахсар. Дьааҥытааҕы ОДьКХ иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 9 күнүгэр Баатаҕай бөһүөлэгиттэн чох тиэниилээх икки массыына уонна миэстэтигэр балаһыанньаны хонтуруоллуу филиал кылаабынай инженера айаҥҥа туруналлар. Баатаҕайтан Улахан күөлгэ диэри айан уһуна 85 километр.
Бэҕэһээ киэһээҥи туругунан, миэстэтигэр 26,5 туонна чох тириэрдилиннэ. Хочуолунай таһыгар сүөкэннэ. «Киин» хочуолунайга түөрт хочуол үлэлиир. Мантан оскуола, спортивнай саала, дьаһалта, сорох биирдиилээн дьиэ оттуллаллар.
This post was published on 10.01.2023 09:01 09:01