Үөһээ Дьааҥы улууһун Сартаҥ, Сыһыы Мэйиитин чугастарыгар бөрө элбэҕин туһунан бу күһүҥүттэн кэпсэтэллэр. Ити эрээри төһө төбө адьырҕа кыыл баарын чуолкайын ким да билбэтэ.
Дьааҥы улууһугар, саас чугаһаан истэҕин аайы, бөрө элбээн иһэрэ билиннэ. Адьырҕа кыыл сороҕо Сартаҥ, Сыһыы Мэйии чугас кыстаабыттар, сорохторо Нэлгэһэ диэкиттэн кэлбиттэр. Балар билиҥҥитэ 10 улахан уонна кыра сылгыны тардыбыттар.
Сиэҥнэргэ булчуттар дьааты уонна сылдьыахтара диэбит сирдэригэр хапкааннары уурбуттар.
Билиҥҥитэ Прокопий Егорович Слепцов уолунаан Спиридоннуун үс, ини-бии Николай Егорович уонна Егор Егорович Слепцовтар, Ньургун Григорьевич Алексеев биирдии бөрөнү бултаабыттар. Өссө биир бөрөнү Борис Владимирович Потапов Тарҕанаттан Сартаҥҥа айаннаан иһэн бултуйбут.
Бу чахчылар тустарынан биһиэхэ нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Руслан Бойко төлөпүөнүнэн иһитиннэрдэ. Руслан Николаевич этэринэн, билигин да Хаастыыр таһыгар, Хороту аттыгар бөрө үөрдэрэ, Сыһыы Мэйиититтэн чугас соҕотохтуу сылдьар бөрөлөр бааллар.
Источник: https://ulus.media/2020/03/11/sarta-tulatygar-ardaj-a-yylaah-elbeh/
This post was published on 11.03.2020 10:32 10:32