Дьааҥы Суордааҕар сибиэһэй ас тиийдэ

Дьааҥы улууһун Суордааҕар бэс ыйын 15 күнүгэр Ан-2 сөмөлүөтүнэн «Якутопторг» тэрилтэ оҕуруот аһын, фрукта тириэртэ. Бэс ыйын 18 күнүгэр олохтоохтор ыһыахтара буолар, суруйар СИА.

Суордаахха сымыыт, дьаабылыка, виноград, слива, оҕурсу, помидор, лук уонна хортуоппуй тиийдэ.

Көтөр аал Дьокуускайга төннөрүнэн 300 киилэ баһыылка ыыттылар. Улуус баһылыга Гаврил Чириков эппитинэн, «Якутопторг» тириэрдэр сибиэһэй аһа бу кэмҥэ нэһилиэнньэҕэ олус күүтүүлээх.

This post was published on 16.06.2022 10:01 10:01