Атырдьах ыйын 22 күнүгэр, күнүс 13 чаас саҕана Дьааҥы оройуонун Сартаҥ сиригэр үс отчут уолу ойуур хаһаайыннара — эһэлэр эккирэттилэр. Олохтоох балыыһа биэлсэрэ Нюргустана Ивановна Белолюбская үлэлии олордоҕуна, эһэлэртэн куотан иһэр отчуттартан биирдэстэрэ, 22 саастаах Захар төлөпүөннээн, олохтоохтор утары бараннар уолаттар бу алдьархайтан быыһаммыттар.
Уолаттар ыраахтан көрдөхтөрүнэ ыттаах киһи сылдьар курдуга эбитэ үһү. Онтулара бэттэх чугаһаабыт… Көрбүттэрэ тыһаҕас эһэ ийэтинээн уолаттар диэки уун утары көрбүтүнэн иһэллэр эбит. Захар: «Сүүрүмэҥ, сүүрдэххитинэ кинилэр эмиэ сүүрүөхтэрэ, ситэн ылыахтара», — диэн уолаттары сэрэппит. Убайдыы бырааттыы 16 саастаах Сергей, 17 саастаах Ваня аҕа табаарыстарын тылыттан тахсыбатахтар. Эһэлэр чугаһаабыттарыгар, уолаттар бэрт түргэн хаамыынан ойуурдары, ходуһалары быһыта туораабыттар, кэннилэриттэн эһэлэр тилэх баттаһан испиттэр. Аара ынахтар, сыһыыга сылгылар да баалларыгар ойуур хаһаайыттара адьас кыһаммакка уолаттары эккирэтэн испиттэр…
Ол курдук көс курдук ыраах сиртэн хаама үөрүйэх тустуук, спортсмен уолаттар бөһүөлэк диэки суолу тутуспуттар, суотабайдарынан эрийэ сатаабыттар да төлөпүөн хаппат сирэ буолан ыксал суоһаабыт. Ванялаах Сергей төлөппүөннэрин иитиитэ (заряда) бүппүт. Сартаҥ бөһүөлэгэр чугаһаан иһэн Захар төлөпүөнэ сибээһи дьэ хабан, Нюргустана Ивановнаҕа төлөпүөнүнэн көмөнү ыыталларын көрдөспүт. Маны истээт, көмөҕө нэһилиэк дьоно тыраахтарынан, биэс квадроциклынан утары барбыттар. Эһэлэр уолаттары бөһүөлэк ыстаансыйатын аттыгар диэри эккирэппиттэрин утары тиийбит олохтоохтор көрбүттэр, саанан үөһэ ытыалаабыттарыгар эһэлэр, дьэ биирдэ, ойуурга түспүттэр, онон быһылаан тахсыбатах. Уолаттар уонна төрөппүттэрэ бар дьонноругар махталларын тиэрдэллэр.
Былырыын баччаларга биир эһэ Сартаҥ бөһүөлэгэр таба далыгар киирэн ынаҕы тарпытын, ону Нюргустана Ивановна кыра уола 12 саастаах Саша көрөн, улаханнык соһуйбутун уонна бүгүҥҥү түбэлтэ туһунан кэпсээтэ.
Тайҕа сирдээх ыраах нэһилиэк дьонугар кэлиҥҥи кэмнэргэ күһүҥҥү эһэлэр кутталы үөскэтэр буолбуттарын бэлиэтииллэр.
Раиса ЧИРИКОВА
This post was published on 23.08.2020 10:05 10:05