Дьааҥы оройуонугар поликлиника тутуллар

«Во имя будущего» бырагыраама «Содействие» хос бырагырааматын чэрчитинэн  СӨ үүнэр көлүөнэ сыаллаах пуондата өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар биэс эбийиэк тутар. Баатаҕай бөһүөлэгэр 30 куойкалаах терапия уонна оҕо отделениелардаах биирдэ 180 киһи киирэр кыамталаах поликлиника тутуллар, СИА суруйар.


Баатаҕайдааҕы поликлиника тутуута «АЛРОСА» суотугар үүнэр көлүөнэ сыаллаах пуондуттан төлөнөр. Суумата — 600 мөл.солк. Сакаастааччы — «Атлант» ХЭУо, бэдэрээччик — «ТЭЛ» ХЭУо.

Пуонда генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров видеосибээһинэн тутуу хаамыытын көрдө. Бэдэрээччик бэрэстэбиитэлэ эппитинэн, графиктан хаалыы суох. Икки этээстээх, 3 тыһ.кв.м. иэннээх таас тутуу 2020 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Тутуу матырыйаала барыта миэстэтигэр тиэллэн кэлбит. Медоборудованиетын сорох чааһа илдьиллибит.

Владимир Егоров, медоборудованиены оройуон транспортнай логистикатын көрөн, сөбүгэр тириэрдиллэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Маны сэргэ тутуу барар кэмигэр дьаҥынан ылыллыбыт миэрэлэри барытын тутуһалларыгар уонна нэдиэлэ аайы тутуу хаамыытын отчуоттуулларыгар эттэ.

Билигин тутар-таҥар 26 киһилээх биригээдэ уонна 2 ИТР үлэлиир.

Поликлиникаҕа терапия уонна оҕо отделениелара итиэннэ оҕо консультацията баар буолуохтаах. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон харгыһа суох киирэллэригэр-тахсалларыгар анал сирдэр оҥоһуллуохтара.

This post was published on 21.05.2020 10:03 10:03