«Тымныы чыпчаала» ТХПК «Улахан сыhыыыга» хаhыс да сылларын сир уларсан оттуу сылдьаллар. Тэрилтэ салайааччыта Екатерина Алексеевна Портнягина быйыл от үүнүүтэ син үчүгэй да буоллар ойуур баhаардара, кураан сыл, коронавирус от үлэтин биллэрдик атахтаабыттарын этэр. «Оттооhуммутугар кэккэ күчүмэҕэйдэр бааллар. Ол эрэн отчут оҕолорум барахсаттар төhүү күүс буолан абыраатылар, манна үhүс сылларын оттууллар, барыны бары сатыыр дьон буоллулар — охсоллор, харбыыллар, кэбиhэллэр. Быйыл пресс-подборщиктанаммыт кээhии үлэтэ чэпчээтэ , «күрүө тутуута суох буолар» диэн оҕолор үөрэллэр. Балаҕан ыйа бу кэллэ, оскуола көҥүллүүр, онон практика суотугар өссө 10 хонук үлэлиир баҕалаахтар«, — диэн Екатерина Алексеевна сырдатар.
Отчуттар сарсыарда 8 чаастан массыынанан айаннаан, ходуhаларыгар 1 чааhынан тиийэллэр. Повардар Дария Стручкова, Анна Ефимова, Люба Ананьева астаабыт астарын сыта сыhыыны толорор. Күн ахсын сүөгэйи, үүт, кефири, убаhа этин, бурдук ас арааhын остуолу хотойорунан тардаллар. Күргүөмнээх үлэ кэнниттэн киэhэ 6 чааска бүтэн төннөллөр. Күhүҥҥү күн кылгаабыта билиннэр да, үлэ кэнниттэн спордунан дьарыктаныы, футбол оонньооhуна саҕаланар.
Улаатан эрэр оҕолору дьаhайан илдьэ сылдьан үлэлэтии эппиэтинэстээх буолан, Екатерина Алексеевна куруук оҕолор аттыларыгар сылдьар. Сылын ахсын уопсай форма онорторор, онон хас сыл бэйэтэ туhунан устуоруйалаах, умнуллубат түгэннэрдээх, хатыламмат уратылардаах.
«Оҕолор төлөпүөн ылынар баҕалаах буолан, үлэлээн өлөрбут харчыларын мунньаллар. От буттэҕинэ да миигиттэн арахсыбаттар, оту куруустааhыҥҥа, мас мастааhыҥҥа, сүөhү үүрүүтүгэр төhүү күүс дьон буолаллар«, — диэн Екатерина Алексеевна ийэлии дуоhуйа кэпсиир.
Урукку кэмнэргэ оҕону үлэнэн иитиини санатар от үлэтигэр оҕо сылтан сыл көхтөөхтүк кыттар буолбута кэрэхсэбиллээх.
«Оҕону үлэҕэ үөрэтии, иитии, интириэhиргэтии, сынньалаҥын сөптөөхтүк
тэрийии, толорбут үлэтин сэргээhин баар буоллаҕына оҕо үлэҕэ төhүү күүс буоларын бэлиэтиибин. 10 кылаас үөрэнээччитэ Кеша Васильев быйыл от күрэҕэр — охсууга улахан дьону кытта киирсэн 4 миэстэ буолбута, сайын аайы эбээлээх эhэтин сүөhүлэригэр оттуур киhи буолла.
Игорь Слепцов, 10 кылаастар Женя Ефимов, Сергей Слепцов, 8 кылаастар Миша Ткаченко, Арсен Стручков, 9 кылаас Анисимов Артем уонна Якутскай куорат 26 номердаах школа гимназия 11 кылаас үөрэнээчитэ Алеша Портнягин бары олус иллээхтик оттуу сылдьаллар. Оҕолорум улэҕэ кыайыгастарын хайгыыбын, улахан махталбын биллэрэбин, быйылгы үөрэх сылыгар ситиhиини, кытаанах доруобуйаны, бары үчүгэйи баҕарабын!«, — диэн салайааччы үөрэ кэпсиир.
Отчуттар сайыннарын туhалаахтык атаарбыт балтараа ыйдара биллибэккэ ааhа оҕуста. Билиҥҥи туругунан 50 туонна от мэндэллэн тахсыбытыттан, үлэлэрин түмүгэ көстөрүттэн дуоhуйаллар. Кэлэр сайын хайаан да «Тымныы чыпчаала» ТХПК — ҕа оттуу кэлэр баҕалаахтар.
This post was published on 31.08.2020 10:04 10:04