23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Дьааҥы киин балыыһатын быраастара ыраах сытар нэһилиэктэргэ айаннаатылар

17:01, 16 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьааҥы киин балыыһатын быраастара Барылас, Сартаҥ, Арыылаах нэһилиэктэригэр дьон доруобуйатын туругун көрө айаннаатылар. Бу туһунан ulus.media суруйар.


Кылаабынай бырааһы солбуйааччы Оксана Бабенко ыраах сытар нэһилиэктэргэ кыһынын эрэ суол баарын, атын кэмҥэ суһал көмө санавиация эрэ көмөтүнэн оҥоһулларын этэр. Барылас, Сартаҥ, Арыылаах хайысханан быраастары кытары лаборант, көһө сылдьар флюорограф, электрокардиограф барбыттарын эттэ.

«Командировкаҕа харах бырааһа, невропатолог, акушер-гинеколог, педиатр, хирург уонна лаборант бардылар. Сэттэ күн устата быраастар вахтовка массыынанан сылдьан ыйыллыбыт нэһилиэктэр олохтоохторун доруобуйаларын туругун бэрэбиэркэлиэхтэрэ, диспансеризация ыытыахтара», — диэтэ Оксана Бабенко.

«Ыраах нэһилиэктэр олохтоохторо сатаан улуус киинигэр кэлэр кыахтара суоҕун учуоттаан, сыллата бу курдук «десаннары» суол турда даҕаны тэрийэ сатыыбыт. Миэстэтигэр оҕолору, улахан дьону көрөн, быраастар эмп аныыллар, балыыһаҕа наадыйааччыны илдьэ кэлэллэр», — диир быраас.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА