Дьааҥы көхтөөх дьахталлара бэлисипиэт айанын ситиминэн Олоҥхо ыһыаҕын уруйдууллар

Дьааҥыга “Велоледи-2016” – “Олоҥхо ыһыаҕын уруйдуубут!” диэн нэһилиэктэринэн бэлисипиэтинэн айан буолла. Спортивнай эстафетаны Адыаччы нэһилиэгин 16 дьахтара саҕалаатылар.


Сыл саҕаланыытыгар Элгэс нэһилиэгэр ыытыллыбыт Дьааҥы оройуонун дьахталларын сэбиэтин семинарыгар сыллааҕы былааны дьүүллэһиигэ саҥа тэриллибит Адыаччы нэһилиэгин дьахталларын сэбиэтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын чиэһигэр нэһилиэктэр икки ардыларыгар бэлисипиэтинэн сүүрүү тэрээһинин ыытарга этии киллэрбитэ.

Элгэстэр бэйэлэрин нэһилиэктэриттэн айаннаан кэлэн, эстафетаны Баатаҕай бөһүөлэгин хамаандатыгар, дьахтар сэбиэтин салайааччыта Христина Потаповаҕа туттардылар.

Хамаандалар эстафета аайы бэйэ-бэйэлэригэр ситии быаны туттаран иһэллэр. Аны салгыы “Баатаҕай-Үөттээх“ маршрутунан бэлисипиэт холуонната салгыы айаҥҥа турунна. Кинилэр ортолоругар 60 саастаах кыттааччы эмиэ баар. Кэргэнин өйөөн биир эр киһи кытта бэлисипиэт мииннэ. Холуоннаны ГИБДД үлэһиттэрэ арыаллаатылар.

Билисипиэтинэн айан – көхтөөх дьон тэрээһиннэрэ. Бу тэрээһини сүрүннээн оройуоннааҕы дьахтар сэбиэтин чилиэннэрэ, улуустааҕы дьаһалта социальнай бэлиитикэҕэ управлениетын салайааччыта Анна Рожина уонна бу тэрилтэ сүрүннүүр исписэлииһэ Айталина Шадрина көҕүлээтилэр. Үөттээхтэн эстафетаны аны өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар кырдьаҕас Верхоянскай куоратын дьахталларын сэбиэтэ тутуоҕа. Оройуон дьахталларын “Велоледи-2016” – “Олоҥхо ыһыаҕын уруйдуубут!” тэрээһин кыттааччылара бастакы холонууларын олус сөбүлээн, билисипиэтинэн маннык айаны үгэскэ кубулутар, салгыыр санааҕа кэллилэр, – диэн санаатын үллэһиннэ Дьахталлар оройуоннааҕы сэбиэттэрин салайааччыта Лариса Старостина.

This post was published on 07.06.2016 14:15 14:15