Дьааҥы хамаандата "Манчаары оонньуларыгар" өрөгөйдүүр

«Манчаары оонньууларыгар» үстэ төхтүрүйэн ойууга Дьааҥы хамаандата эр дьоҥҥо, бэтэрээн эр дьоҥҥо итиэннэ кыргыттарга үс кыһыл көмүс мэтээли ылан, өрөгөйдөөтө.


Руслан Потапов бэтэрээннэргэ, Тимофей Слепцов эр дьоҥҥо, Ева Сумбаева – дьахталларга кыайыы өрөгөйүн биллилэр.

Бэрдьигэстээххэ буола турар «Манчаары оонньууларыгар» Дьааҥы улууһа барыта 39 спортсменнаах кыттар. Быйыл бастакытын ох сааҕа хамаандатын туруорда. Хапсаҕайга, киирэҕэ, чэпчэки атлетикаҕа, сахалыы ыстаҥаҕа, национальнай многоборьеҕа ситиһиилэнэр санаалаахтар.

Хотугу многоборьеҕа хамаанда хапытаана Дьааҥы улууһа уопсай түмүккэ үс иһигэр киирэригэр баҕалааҕын эттэ.

This post was published on 09.07.2021 17:30 17:30