Дьааҥы Боронуктара 70 туонна оттоннулар

Халлаан билиңңи туруга окко анаммыт курдук сөрүүдүйэ быhыытыйда. Кылгас сайын үтүө кұннэрин тутуhан от үгэнин оройо. Бабушкинскай нэhилиэк дьоно хамныы-хамныы үүнэр оттоох Боронук сыhыытыыгар оттуу сылдьаллар. От хаамыытын туһунан нэhилиэк баhылыгын солбуйааччы Василий Силович Филиппов иhитиннэрэр.


Василий Филиппов быйыл 80 киhи окко тахсыбытын, 171 га сир охсуллан, 70 туонна от кээhиллибитин, Тогойдорго оттуу барыы илигин туhунан кэпсиир.

«Мачахха ойуур баhаара умулла илик буолан оттооhуҥҥа улахан мэhэйи онордо, онон Мачах дьоно сана оттоон эрэллэр», — диир Василий Силович.

Аныгы да саха киhитэ от үүнүүтүн, ынах сүөhү, сыспай сиэллээх кыстыгы хайдах туораан тахсыахтааҕын үүммүт сайын күнүн-дьылын туругуттан билгэлиир. Онон от үүнүүтэ тыа сирин олоҕун туллар тутааҕа, тирэҕэ буоларын билэр буолан турбакка- олорбокко хойукка диэри  оттуур. Ол кэрэhэтинэн өбүгэ саҕаттан тэңңэ кэлбит үгэс — үрүң ас өллөгөйө, чөл эт-хаан, оҕону үлэнэн иитии, төрөөбүт дойдуну ис сүрэхтэн харыстааhын буолар.

Онон Боронук сыhыытыгар үрдүк түстээх кээhиилээх оттор биир биир мэндэллэн тахсалларын ааҕа-суоттуу сылдьар дьаhаллаах салайааччы былааны толорорго кыһаллар.

This post was published on 31.07.2020 10:01 10:01