Өлгөм ардахтан үөскээбит халаан уута, сүүрүк устун таҥнары бара турар. Бүгүн Верхоянскай куоратын уу ылан саҕалаата. Ону таһынан Борунук нэһилиэгэр уу таһыма үрдээн турар. 1,5- 2 суукканан уу Дьааҥы өрүс устун бара туруохтаах, диэн Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун- дьаһаҕын куттала суох буолуутун хааччыйар кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов иһитиннэрдэ.
Уу таһыма үрдүүрүгэр Баатаҕай бөһүөлэгэ бэлэмнэнэр. 1 км усталаах ууну тутуохтаах даамбаны эбии кутан бөҕөргөтөн биэрдилэр. Сылыктааһын быһыытынан, манна уу таһыма критическэй бэлиэттэн арыый үрдүк буолуохтаах. Даамба тоҕо барар түгэнигэр кууллары уонна кумах-гравий булкааһын бэлэмнээбиттэр.
Быыһыыр сулууспалар дисклокациялара ыытылынна. Оройуон сиригэр- уотугар барыта 25 быыһааччы, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ киин куоратыттан 20 киһи үлэлии сылдьар. Арассыыйа ЫБМ авиацията уонна «Полярные авиалинии» үлэлииллэр, дьону эвакуациялааһыҥҥа көмөлөһөллөр.
Бүгүн Дьокуускайтан гуманитарнай таһаҕаһы тиэнэн сөмөлүөт көтөн кэлиэхтээх. Бу сөмөлүөт өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар баар лааҕырдарга 40 оҕону аҕалыахтаах.
This post was published on 13.07.2022 13:03 13:03