Үөһээ Дьааҥы Баатаҕай орто оскуолатыгар былырыын пандемия биллэриллибитигэр дьиэттэн үөрэниигэ интернет кыһалҕата турбут. Маныаха баатаҕайдар оскуолаҕа туспа интэриниэт ситимэ наадатын өйдөөн, ону олоххо киллэрэргэ үлэлэһэллэр.
Оскуола дириэктэрэ Людмила Григорьева нэһилиэккэ «Ростелеком» интэриниэтин таһынан биирдиилээн спутниковай ситимнэр баалларын туһунан кэпсиир. Олор түргэннэрэ, тарыыптара тус-туһунаннар.
«Итилэр интэриниэттэрэ оскуолаҕа кэлэн үөрэнэргэ табыгастаах. Оттон оҕо оскуола таһыгар таҕыста да, кыһалҕаламмытынан барар. Интэриниэт сыаната ыарахан, оттон түргэнэ бытаан», — диир Людмила Григорьева.
«Пандемия биллэриллибитигэр биһиги үксүн ватсап, СМС көмөтүнэн, төлөпүөнүнэн кэпсэтэн үөрэммиппит. Төрөппүттэр оҕолорун тэтэрээттэрин учууталга аҕалаллара. Төлөпүөммүт сибээһэ быстар мөлтөх. Биирдэ эрийэн киһи тиийбэт. Онуоха «Ростелеком» эбии интернет-туочука биэрэн көмөлөспүтэ. Ол эрэн ити кыһалҕаны толору быһаарбатаҕа», — диир дириэктэр.
Оскуола иһинэн туспа интэриниэт ситимэ наадатын өйдөөн оскуола салалтата былырыын бэс ыйыттан «РТКС-Сервис» тэрилтэни кытары үлэлэһэр. Былаан быһыытынан спутниковай антенналар, модемнар, маршрутизатордар, ситим киирэр туочукалара, сервернай, сетевой харайар сир, күүстээх компьютердар итиэннэ анал бырагыраама ылыллаллара наада.
«Билиҥҥитэ бырайыак олоххо киирэ илик. Табыгастаах бырагыраама суох. «РТКС-Сервис» IT-паарка исписэлиистэрин кытары үлэлэһэр. Кинилэр айбыт платформаларын атырдьах, балаҕан ыйдарыгар тургутан көрүөхтэрэ», — диир Людмила Григорьева.
Уопсайа бырайыагы олоххо киллэриигэ 1 767 928 солкуобай наада. Баатаҕай орто оскуолатыгар 700-тэн тахса оҕо үөрэнэр, итинтэн 72-тэ доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор, 54 учуутал үлэлиир. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору интэриниэт ситиминэн хааччыйыыга хас биирдии оҕоҕо 8000 суумалаах антенна, маршрутизатор, 20 м уһуннаах кабель ылыллара наада. Уопсайа — 576 тыһ солкуобай.
Интэриниэт ситимэ олоххо киирэр түгэнигэр оҕолор дьиэттэн олорон үөрэниэхтэрин сөп буолар, онлайн-лааҕырдар, араас куруһуоктар үлэлиэхтэрин, кэтэхтэн төрөппүт мунньахтара ыытыллыахтарын сөп. Тымныы кэмҥэ оҕолор үөрэнэллэригэр табыгастаах буолар.