Дьааҥы улууһугар «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 2020-2021 с.с. икки элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр сыбаайалара түһэн, үлэ тохтоло суох ыытыллар. Бу күннэргэ оройуон уонна бөһүөлэк салалталара тутууну миэстэтигэр тиийэн көрдүлэр.
СӨ «Дьааҥы оройуона» МТ баһылыга Гаврил Чириков,»Баатаҕай нэhилиэгэ» МТ баһылыга Егор Шестаков, дьаhалтаттан Дмитрий Горохов улуус киинигэр ыытылла турар тутуу эбийиэктэригэр сылдьан үлэ хаамыытын көрдүлэр, тутааччылары кытта кэпсэттилэр.
Баатаҕай бөhүөлэгин Коммунальная уулуссатыгар 15 кыбартыыралаах үс этээстээх, Аммосова уулуссаҕа 44 кыбартыыралаах 4 этээстээх дьиэлэр сыбаайалара түhэн, тутааччылар үлэ иккис түһүмэҕэр киирбиттэр.
Тутааччылар кыраапыктарынан быйыл дьиэлэр көҥдөй көхсүлэрин бүтэрэр былааннаахтар.
Баатаҕай бөһүөлэгин таһыгар тутуу производственнай былаһаакката үлэлиир. Манна хайыр тааһы кырбаан бетоннары, таас блоктары оҥорон таһаарыахтара. «Монтажник» ХЭТ тэрилтэ онно анаан тэриллэри, оборудованиены аҕалбыт. Онон сотору бетоннар анал каркастарга кутуллан, дьиэлэр дьэндэһэн тахсыахтара.
Муус устар бүтүүтэ кэлбит 10 киһилээх биригээдэ прораба Жоломан Сергежиевич: «Аммосоваҕа тутулла турар дьиэни күһүн көҥдөйүн бүтэрэр былааннаахпыт. Дьиэ уопсай иэнэ 600 кв. м., бетон кутуллар формаларын каркастарын оҥорон бүтэрэн эрэбит, бүттэ да колонналары оҥоруохпут», — диэн үлэ хаамыытын сырдатар.
Улуус баһылыга Г.И.Чириков, Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Е.Е.Шестаков биригээдэлэргэ ханнык баҕарар боппуруос үөскүүр түгэнигэр өйөбүллэрин эттилэр, үлэ хаамыыта сөптөөхтүк ыытыллан эрэрин бэлиэтээтилэр.
Тутааччылар коронавирус дьаңын кэмигэр ыытыллар миэрэлэр ирдэбиллэрин тутуhалларын, 8 ч. — 20 ч. диэри үлэлииллэрин, күн ахсын сарсыарда үлэни былааннааһын ыытылларын уонна сөптөөхтүк дьаһаллан олороллорун эттилэр.
Олохтоох уонна улуус дьаһалталара нэдиэлэ ахсын ыытылла турар үлэ техническай докумуоннааһынын хонтуруоллуохтара.
This post was published on 02.06.2020 12:01 12:01