Дьааҥы Арыылааҕын ыччата көлүүр оҕуһунан муус тиэйэр

Саха дьонугар кыhын кэлиитэ куту-сүргэни уhугуннарар ураты кэм. «От-мас тиэнэргэ, сүөhүнү ойбоҥҥо уулатарга быйылгы сылаас кыhын олус бэрт», — дэhэллэр тыа дьоно. Кыhыҥҥы олох-дьаhах, булт-алт, суол-иис хоту дойду олоҕун арахсыспат сорҕото буолан бу кырыалаах кэми дьон бары кэтэhэр.


Дьааҥы ыраах сытар нэhилиэктэригэр кыhыҥҥы суол аhыллан айан-сырыы аартыктара аhылыннылар эрээри, пандемия кэмигэр дьон нэhилиэгин иhиттэн тахсыбакка буола сатыыр.

Арыылаах нэhилиэгэ улуус кииниттэн 280 килэмиэтир ыраах сыттар да олох, үлэ тэтимин ыhыктыбат. «Бүгүҥҥү туругунан 224 төбө ынах сүөhүлээхпит, олортон 134 ынах сүөhү. Үс оҕус толорор оруолларыттан биирдэhэ — таhаҕас тиэйиитэ. Быйыл 538 туонна от бэлэмнэннэ, 192 туонна атыылаhылынна», — диир олохтоох дьаhалтата баhылыгын солбуйааччы Слепцов Руслан Николаевич.

Руслан Николаевич «Кыhын Саха сириттэн саҕаланар» диэн бырайыакка олоҕуран, тыа сирин кыhыҥҥы олоҕун көрдөрөргө анаан, үлэ түгэннэриттэн муус ылыы туhунан  видео-ролик уhулбутун сырдатар.

«Үгэс буолбут тэрээhиннэртэн биирдэрэ — эрдэ алларан бэлэмнээбит мууhу  кырдьаҕастарга тиэйэн, куруустаан бээрии. Олохтоох ыччаттар Максим Мухин, Игорь Слепцов, Ваня Винокуров, Кэскил Новиков, түөрт сыарҕалаах оҕуhунан иккитэ кырынан, нэhилиэк ытык кырдьаҕаhыгар Афанасий Михайлович Потаповка кыстыыр мууhун — иhэр уутун тиэйэн, куруустаан биэрдилэр», — диэн туран, оҕустар хаһаайыттарыгар Слепцов Егор Петровичка, Колесов Афанасий Афанасьевичка, Слепцов Афанасий Афанасьевичка уонна Ефимова Марфа Афанасьевнаҕа көмөлөрүн иhин махтанарын этэр.

Бүгүҥҥү тыа сирин солбуллубат көлөтө — сыарҕалаах оҕустар чугаhаабыт саҥа дьыл илдьиттэрэ буолан, үйэлэри ситимниирдии хаамсыбыттара саха тыынын уhугуннарбыкка дылы. Олоҕун үлэҕэ, нэhилиэгин сайдыытыгар анаабыт ытык кырдьаҕас  кыстыыр мууhа тиэллэн, олохтоох дьаhалтаҕа, ыччат уолаттарга долгуйан туран махтанна.

This post was published on 30.11.2020 13:02 13:02