Дьаҥхаадаҕа ыччаттар окко көхтөөх күрэхтэһиини тэрийдилэр

От ыйын 29 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьаҥхаады нэһилиэгин Аччыгый сыһыы алааһыгар «Күүлэй ‒ 2016» ыытылынна. Илиинэн от охсуутугар биирдиилээн уонна хамаанданан норуоттар икки ардыларынааҕы аһаҕас күрэхтэһии буолла.


Охсуллубут оту атырдьах ыйын 1 күнүгэр «Ыччат ‒ тыа сиригэр» диэн бырайыак чэрчитинэн улуус ыччаттара хомуйдулар. Кинилэр ортолоругар мунньууга, бугуллааһыҥҥа уонна кэбиһиигэ бэртээхэй күрэхтэһии тэрилиннэ.

Тэрээһиҥҥэ түөрт хамаанда, ол иһигэр Ороссолуодаттан, Өлөчөйтөн, Майаттан уонна күн-бүгүн Мөҥүрүөн нэһилиэгэр бөһүөлэк иһин тупсарыыга уонна хаһаайыстыбаҕа күрүө тутааһыҥҥа үлэлии сылдьар Баһылык этээрээтин устудьуоннара кыттыыны ыллылар.

Билигин ханна да буоларын курдук тыа сиригэр оттооһуҥҥа күн былдьаһыга. Онон хамаанда кыттыыта аҕыйах. Ол да буоллар, күрэхтэһии тыҥааһыннаахтык уонна үрдүк таһымҥа ааста. Аччыгый сыһыыга түөрт улахан от туруорулунна, ‒ диэтэ улуустааҕы ыччат уонна дьиэ кэргэн управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Зоя Сергучева.

Дьүүллүүр сүбэ күрэхтэһээччилэр төһө бириэмэҕэ үлэлииллэрин итиэннэ үлэ хаачыстыбатын учуоттаатылар. Уопсай түмүккэ Алтан нэһилиэгин эдэр ыччатын хамаандата бастакы, ороссолуодалар иккис уонна Баһылык этэрээтин ыччаттара үһүс буоллулар.

Өҥүрүк куйаас үүнэн, күммүт-дьылбыт от үлэтигэр анаабыт курдук үчүгэйдик туран биэрдэ. Ирдэбил быһыытынан хамаандаҕа 8 киһи буолуохтаах этибит. Биһиги итэҕэс тиийбиппит, ол да буоллар, доҕотторбут Балыктаах ыччатын исписэлииһэ Михаил Барабанов уонна Лоомтука ыччатын лиидэрэ Мария Федорова көмөлөһөннөр, хамаандабыт туолан кыайыыны ситистэхпит. Кинилэргэ улахан махтал. Эһиил өссө тэринэн, эрдэттэн бэлэмнэниэхпит, ‒ диэтэ кыайыылаах тахсыбыт Өлөчөй хамаандатын хамандыыра, нэһилиэк ыччатын лиидэрэ Дмитрий Попов.

This post was published on 03.08.2016 17:37 17:37