Владимир Поскачин дакылаатын кэннэ улахан боппуруос бэриллибэтэҕиттэн, нэһилиэнньэ олоҕо тупсуу өттүгэр барбыт диэн сыаналыахха сөп. Дьон, чуолаан, “Манчаары оонньуулара” ыытыллар объектара тутулларын ордук күүтэрэ биллэр. Оттон история билимин доктора Никита Архипов мунньах кыттыылаахтара ыйытыы биэрбэтэхтэрин итэҕэһинэн аахта. Кэпсэтиигэ Георгий Степанов, Василий Ченохов, дьаһалта үлэтин үчүгэйинэн сыаналаан туран, тус санааларын этиннилэр. Поликлиника сэбиэдиссэйэ Мария Иванова саҥа балыыһа ис-тас тутулун туһунан иһитиннэрии оҥордо.
Мунньахха ураты тыыны улуустааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Семен Михалев биэрдэ. Ол курдук, РДК директорынан өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбит Иван Спиридонович Семенов, нэһилиэнньэҕэ биллэринэн Кулууп Уйбаан, 1973 сыллаахха суруйан хаалларбыт «Баҕа санаа» хоһоонун нэһилиэнньэ иннигэр ааҕан иһитиннэрдэ. Бу ырыа буолбут хоһооҥҥо кэпсэнэр баҕа санаа барыта кэриэтэ туолбутун, кыра баҕа санаа туолара хаалбытын бэлиэтээтэ.
Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн үчүгэйинэн сыаналыырга ыҥыран туран, улуустааҕы ис дьыала отделын үлэтинэн астымматын биллэрдэ.
Далырдар туйгун сыанабылы биэрдилэр
Тохсунньу 27 күнүгэр Далыр нэһилиэгэр, Күүлэт учаастагар улуус баһылыгын отчуотугар кулууп дьиэтин толору дьон муһунна. Элбэх боппуруостарга хоруй бэрилиннэ. Олохтоохтор кэпсэтииттэн астыннылар, сыллааҕы үлэни туйгунунан сыаналаатылар. Ааспыт сылга улууска да, нэһилиэктэргэ да элбэх үлэ барда. Өтөрүнэн кыаллыбатах суолларбыт оҥоһуллан эрэр буолан, олохтоохтор сэргэхсийдилэр. Оҕо саадын, эдэр специалистарга түөрт квартиралаах уопсай дьиэ тутуулара саҕаланна, баһаарынай депо дьиэтэ тутуллар. Дорожнай фондаттан үп-харчы көмүскээн, сотору кэминэн дэриэбинэ иһинээҕи суолга гравий кутуута саҕаланыаҕа. Арчы дьиэтэ үлэҕэ киирдэ, о.д.а. үлэлэр барыахтара диэн нэһилиэк баһылыга Аркадий Донской сонунун иһитиннэрдэ.
Намнар баһылык үлэтин толору өйүүллэрин биллэрдилэр
Нам нэһилиэгэр ыытыллыбыт отчуот туһунан матырыйаалы хаһыат общественнай корреспондена Надежда Мутукова бэлэмнээтэ. Ол курдук, тохсунньу 29 күнүгэр күнүс 3 чаастан улуус баһылыга В.С.Поскачин салайааччылаах отчуоттуур бөлөҕү кытта көрсүһүүгэ сааланы толору дьон мустан, отчуот бэрт сэргэхтик ааста.
Владимир Семенович сыл устата ыытыллыбыт үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ. Намҥа «Манчаары оонньууларынан» сибээстээн стадион курдук универсальнай спортивнай-игровой былаһаакка тутуута барыахтааҕын, суол-иис эбии оҥоһуллуохтааҕын, саҥа тутуллуохтаах оскуола матырыйааллара тиэллэн бүттүлэр да, сваята түһэн, 2017 сылга үлэҕэ киирэн, аанын тэлэччи арыйыахтааҕын иһитиннэрбитин олохтоохтор ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Сир үллэһигэ, 2013 сыллааҕы сайыҥҥы баһаардары умуруоруу харчылара төлөммөккө турара, нэһилиэктэринэн сылдьар автобуска биэнсийэлээхтэр толуоннара туһаныллыбата, благоустройство үчүгэйин үчүгэй эрээри, ороскуота элбэҕэ, улуус уһанар дьоҕурдаах дьонун түмэн, илиинэн оҥоһук маҕаһыынын арыйар төһө табыгастааҕа боппуруос быһыытынан бэрилиннилэр.
Кэпсэтии сүрүннээн «Манчаары оонньууларын» тула барда. Тэрээһин үлэҕэ эппиэттээх В.В.Ченохов, спартакиада ыытылларынан сибээстээн, бэйэ бодотун тардынан, трасса кытыытыгар олорор ыал дьиэлэрин таһын, олбуордарын көрүнэн тупсарыналларыгар, оҥостоллоругар этии киллэрдэ. Элбэх киһи кэлэринэн сибээстээн, киэҥ дьиэлээх ыаллар дьону түһэрэн, сорохтор ас-үөл атыылаан эбии дохуот киллэринэллэригэр ыҥырда.
Спорт управлениетын начальнига Е.А.Николаев “Манчаары оонньууларыгар” биһиги оскуола саанан ытыыга тренерэ В.А.Тимофеева дьарыктаабыт оҕолоро РФ спордун маастарыгар кандидакка тиийэ үүнэн, Дьокуускай куоракка Спортивнай эрэллэр училищеларыгар үөрэнэ сылдьалларын, классическай ох саанан республика үрдүнэн биһиги эрэ оҕолорбут ыталларын, онон кинилэргэ олус эрэнэрин биллэрдэ.
4 №-дээх оскуола үлэһиттэрэ «Манчаары оонньууларыгар» анаан хас квартал ахсын биир күннээх хамнастарын биэрэргэ ыҥырыы таһаарбыттарыгар, Нам оскуолатын директора Аскалон Николаев бастакынан өйөөбүтүн Семен Михалев иһитиннэрдэ. Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Мария Игнатьевна Константинова, балыыһаҕа да сыттар, улуус баһылыгын отчуотун истэ кэллэ. Кини уруккуттан туруорсар туруорсуута – балыыһабыт оҥоһуллан, оннунан хаалан үлэлииригэр этэ. Бу сырыыга баҕарбыт баҕата туолан, балыыһа аныгылыы тииптээх өрөмүөннэнэн, иһигэр туалеттаах оҥоһуллубутугар улуус кылаабынай бырааһыгар С.С.Сибиряковаҕа, учаастактааҕы балыыһа сэбиэдиссэйигэр Н.В.Павловаҕа улахан махталын тириэртэ. Төһө да сааһырдар, культура эйгэтигэр ис дууһатынан ыалдьарын биллэрэн, «Манчаары оонньууларыгар» культуралар төһө бэлэмнээхтэрин, туох быыстапкалар, тэрээһиннэр ыытыллыахтаахтарын туоһуласта. Манна культура департаменын начальнига В.П.Спиридонов кылгастык, өйдөнүмтүөтүк хоруйун биэрдэ.
Нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо Иван Николаевич Иванов баһылык үлэтигэр үчүгэй сыана быспытын олохтоохтор биир киһи курдук өйөөтүлэр.
This post was published on 03.02.2016 10:58 10:58