Дүпсэ сэлиэнньэтин олохтоохторун ыраас уунан хааччыйыыга үлэ барар

«Якутскгеология» (АО «Росгеология») уонна «Сахагеоинформ» тэрилтэлэр сир аннынааҕы ууну көрдөөһүҥҥэ уонна сыаналааһыҥҥа чинчийэр үлэлэрин бүтэрдилэр, Геология министеристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 

Дүпсэ сэлиэнньэтин олохтоохторун ыраас уунан хааччыйыыга үлэ барар.

500 м дириҥнээх скважинаны хаһар үлэ түмүктэннэ. Маны сэргэ сир аннынааҕы ууну арыйдылар, дириҥэ 360 м. Уу күүстээх, уу таһыма 141 м.

Сир аннынааҕы уу саппааһын сыаналааһын 2021 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр түмүктэниэхтээх.

This post was published on 24.06.2021 17:01 17:01