Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Евгений Сивцев СӨ бырабыыталыстыбатын отчуотун: «Үчүгэйинэн сыаналыыбын. Уон сыллааҕыны кытта тэҥнээн көрдөххө, билигин олох таһыма атын, букатын атын хартыына. Элбэх бырагыраамалар, субсидиялар үлэлээн, элбэх көмө оҥоһуллар», — диэн санаатын эттэ.
Отчуоттуур бөлөх салайааччыта Алексей Дьячковскай: «Улуус баар бырагыраамаларга, тутууларга, суолу-ииһи оҥорууга былааннаах үлэнэн өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар. Улууска үлэ күүскэ барара көстөр», — диэтэ.
Ол курдук, нэһилиэккэ икки улахан кыамталаах хочуолунай тутулунна. Билигин биирдиилээн ыал ититии ситимигэр холбонон барыахтара. Нэһилиэккэ үс суотабай оператор тэҥинэн үлэлии олороллоро — бу сайдыы көрүҥэ. Өссө цифровой тэлэбиидэнньэ вышката тутулла турар, оччоҕо дьон «вай-файга» холбонор кыахтаныа.
Саха норуотун чулуу уола Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сааһын көрсө Духуобунас киинин түмэлэ тутулла турар, акылаата түспүт.
«Мин 16-с сылбын оҥорон таһаарыыга үлэлии сылдьар киһи, производство тэнийэн эрэрин үөрэ көрөбүн. Бырабыыталыстыба үлэтэ киэҥ далааһыннаах, ону олохтоохтор сороҕун билбэппит даҕаны. Култуураҕа, спорка, социальнай эйгэҕэ сөптөөх бэлиитикэ, үлэ ыытылла турар дии саныыбын. Өссө сороҕор Россияны инникилээн иһэбит диэн сыаналыыбын», — диэн сэбиэт бэрэссэдээтэлэ бэлиэтээн эттэ.
Кини була сатаан кириитикэлээһин, куһаҕаны эрэ булан көрө сатааһын сыыһатын бэлиэтиир. «Үчүгэйи эмиэ булан көрүөххэ наада, ити — сайдыыга хардыы буолар», — диэн санаатын ситэрэн биэрдэ.
Биир сүрүн кыһалҕалара — иһэр уу — быһаарыллан эрэр. Нэһилиэк баһылыга Ивамар Соловьев улуус дьаһалтатын кытта бииргэ ылсан, үлэлэтэн эрэллэр. Дьиҥэ, сир аннынааҕы уулара олус ыраас эрэри, санитарнай ирдэбил быһыытынан, ууну ыраастыыр станция туруоруллубут. Аны ууларын «бутыль» иһиттэргэ кутан тарҕаталлар.