Дьүкээгир тылынан букубаар «Ключевое слово» III Бүтүн Россиятааҕы бириэмийэ кыайыылааҕынан буолла

Москва куоракка Россия норуоттарын тылларын харыстыыр «Ключевое слово» бириэмийэ лауреаттарын наҕараадалааһын буолла. Биллэр учуонайдар, уопсастыбаннай деятеллэр бастыҥнары таллылар. «За сохранение малых языков» номинацияҕа кыйыылааҕынан дьүкээгир тылынан суруллубут букубаар таҕыста.


Тэрээһини омуктар дьыалаларыгар федеральнайдааҕы агентство иилээн-саҕалаан ыытта. Барыта 713 үлэ киирбититтэн, биэс номинацияҕа тоҕус кыайыылаах таҕыста. Эбии икки анал бириэмийэ олохтонно.

«За сохранение малых языков» номинацияҕа Анастасия Курилова уонна Николай Курилов «Музыкальный весёлый букварь» диэн дьүкээгир тылынан суруллубут букубаардара ааттанна.

Бырайыак көҕүлээччитэ Анастасия Курилова «Илкэн» хаһыат кэрэспэдьиэнигэр иһитиннэрбиттэринэн, «Музыкальный букварь» 1991 сыллаахха толкуйдаммыт. Николай Курилов букубаарга киирбит 40 хоһоонугар ийэтин Анастасия Афанасьевна — Екатерина Ивановна Тымкыль (Курилова) матыыптара киллэриллибиттэр. Кинини туундара дьүкээгирдэрин тылларын уонна култуураларын үйэтиппит киһинэн билинэллэр.

«Чэнчэ букварь»-тан ылыллыбыт бастакы ырыалары толорооччуларынан Аллараа Халыма оройуонун Колымское сэлиэнньэтин «Ярар» фольклор ансаамбылын кыттыылаахтара буолаллар. Итиэннэ «Йэрпэйэдиэ» (Солнышко) дьиэ кэргэн ансаамбыла.

Анастасия Курилова букубаарга мобильнай сыһыарыы оҥорторор баҕалаах. Оччоҕуна дьүкээгир тылын үөрэтии маасабай буоларыгар эрэллээх.

This post was published on 28.10.2019 16:03 16:03