Үөдүгэй нэһилиэгин Куду учаастага — былыр былыргыттан төрүт үөдүгэйдэр төрөөбүт-үөскээбит, ынах-сүөһү, сылгы бөҕөнү ииттэн, үлэ бөҕөнү үлэлээн ааспыт өбүгэлэрбит үтүө дойдуларынан биллэр. Билиҥҥи ыччат дьон ылыллыбыт бачыымы өссө тупсаран биэрэргэ үлэлиир.
Куду учаастагар сүүрбэһис үйэ биир бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ төрөөн-үөскээн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр суолу-ииһи хаалларбыттара, норуот туһугар үлэлии-хамсыы, айа-тута да сылдьаллар. Ол курдук, Е.Н. Андреев, өрөспүүбүлүкэтээҕи фтизиатрия балыыһатын бастакы бырааһа, мэдиссиинэ билимин кандидата, норуот билиммит айылҕаттан айдарыылаах харах луохтуура Г.Т. Карадчин, кини кыыһа медиссиинэ билимин доктора, өр сылларга ХИФУ мэдиссиинэ салаатын салайан олорбут, общественник П.Г.Карадчина, И.И. Шамаев, математика билимин доктора, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат дириэктэрэ, Ф.В. Габышева, педагогика билимин доктора, СӨ үөрэҕин миниистиринэн, СР Правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан өр сылларга үлэлээбитэ, СӨ Ил Түмэнин дьокутаата, сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар өҥ буордаах, быйаҥнаах дойдуга устуоруйа кэпсииринэн, үгүс сылгы, сүөһү төлөһүйэн төрүү-үөскүү сылдьыбыта. Кудуга Испии уонна Тит Карадчиннар сыһыы муҥунан сыспай сиэллээҕи, хонуу муҥунан хороҕор муостааҕы ииппиттэрэ биллэр. Билиҥҥи үйэ эбитэ буоллар, өрөспүүбүлүкэҕэ улаханнык биллэр, улууһу олохтоох этинэн-аһынан толору хааччыйар кыахтаах улахан хаһаайыстыбалар буолуох эбиттэр. Сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар өй-санаа, сүрэх-бэлэс, толкуй баар дьоно дьоһуннук дьаһанан олорбуттар эбит.
Сэбиэскэй кэмнэртэн ыаллар оҕолорун үөрэттэрээри, үлэлээри-хамсаары улуус киинигэр көһөн кииртэлээн, отой дьиҥ-чахчы патриоттар эрэ Кудуга хаалан, сылгы, сүөһү ииттэн олороллор. Бэл, маҕаһыын, балыыһа сабыллыбыта быданнаата.
Суолларын-иистэрин, астарын-үөллэрин, эмтэрин-томторун, тэрээһиннэрин, онтон да атын боппуруостарын тумус туттар, докумуона суох норуот бэйэтэ баһылык кэриэтэ оҥостон олорор, оскуола-сад сэбиэдиссэйэ Васильева Варвара Васильеваны кытта сүрүннээн, сүбэлэһэн иллээх дьиэ-кэргэн кэриэтэ олорон кэллилэр диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо.
⠀⠀
⠀⠀
Үөдүгэй нэһилиэгэр төрүт Үөдүгэй, нэһилиэк, учаастак кыһалҕатын, сайдар саҕахтарын төрдүттэн билэр, үөдүгэйдэр бэйэлэрин уоллара Васильев Валерий Васильевич-Муттуххай Бороҥ баһылыктыаҕыттан сайдыы харахха тута быраҕыллар, дьон-сэргэ олоҕо тупсар, чэпчиир. Куду учаастагын суола оҥоһуллан, тилэри быйыл тиһэҕэр тиэрдиллиэхтээх. Урукку өттүгэр баҕанаҕа тахсан ыттан туран кэпсэтэр сибээстээх Кудуга күн бүгүн оптоволокно сибээһэ тардыллан эрэр. Сайыҥҥы уу турбата киириэхтээх. Уонна дьэ, саамай тыын боппуруос — гаас магистралын туруорса сылдьаллар.
Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга Бахымахтаҕа сылгы баазатын тутан саҕалаатылар. Ону тэҥэ, 100 ынах турар хотонун тутуута былааннанар.
Учаастак иһин сырдатыыга бу күннэргэ Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ тахсан Куду олохтоохторун кытта уот тардыллар баҕаналарын, 37 остуолбаны хатырыктаан субуотунньук тэрийдилэр. Куду оҕото, ыччата сибиэһэй салгыҥҥа сынньанарыгар анаан каток астаран оҥордулар.
Учаастак иһин сырдатыыга бу күннэргэ Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ тахсан Куду олохтоохторун кытта уот тардыллар баҕаналарын, 37 остуолбаны хатырыктаан субуотунньук тэрийдилэр. Куду оҕото, ыччата сибиэһэй салгыҥҥа сынньанарыгар анаан каток астаран оҥордулар.
Онон Кудуга сайдыыны сиэтэн аҕалан, дьон-сэргэ санаата көнньүөрэн, сайдыы саҕахтарын уруйдуу көрсөллөр, диэн суруйда Валентина Филиппова https://www.instagram.com/admvervil/