Үөдүгэйдэр биир дойдулаахтарыгар аһымал кэнсиэр тэрийдилэр

Үөдүгэй нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр «Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат» диэн санаанан салайтаран аһымал кэнсиэр ыытылынна. Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата уонна сынньалаҥ киинэ тэрийдилэр. Эдэр ыалга ананна.


Аһымал кэнсиэр Үөдүгэй нэһилиэгин эдэр ыалыгар анаан ыытылынна. Чоросовтар ыарахан кэмнэрин чэпчэтээри, күүс көмө, өйөбүл буолаары элбэх киһи кэлэн кытынна. Анал хамыыһыйа тэриллэн көмө харчы хомуйда. «Дьүөгэ», «Aйылгы» уопсастыбаннай түмсүүлэрэ бэйэлэрин сэмэй кылааттарын биэрдилэр.

Кэнсиэргэ 3 уонна 4 нүөмэрдээх орто оскуолалар үөрэнээччилэрэ, 4 №-дээх оҕо саадын иитиллээччилэрэ кытыннылар. Эдэр ырыаһыттар Галина Соломонова, Андрей Иванов — Дьикти, Виктор Васильев о.д.а. ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр.

Кэнсиэр биир тыынынан барда. Нэһилиэк баһылыга Валерий Васильев дьоҥҥо махталын тиэртэ. Үрдүк сыанаттан төһө үп киирбитин биллэрдилэр. Уопсайа 60 000 буолла! Бу харчы тутатына эдэр ыалга тиксэриллиэ диэн эппиттэрин, көрөөччүлэр ытыс дохсун тыаһын бэлэхтээтилэр.

Ааптар: Мария Васильева

This post was published on 24.11.2018 19:52 19:52