Россия президенэ Владимир Путин коронавируһу кытта охсуһар медицина үлэһиттэрин судаарыстыбаннай наҕарааданан бэлиэтиир туһунан ыйаахха илии баттаата. Докумуон быраап информациятын официальнай интернет-порталыгар таҕыста, суруйар РИА-Новости.
Докумуоҥҥа олоҕуран, COVID-19 ыарыыны сэрэтиигэ уонна бохсууга тэрээһиҥҥэ, медкөмөнү оҥорууга үрдүк профессионализмнарын уонна үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Пирогов аатынан уордьанынан Подмосковьяттан, Москваттан уонна Россия регионнарыттан барыта 140 медицина үлэһитэ наҕараадаланара этиллэр.
«За заслуги перед отечеством» II степеннээх мэтээлинэн аҕыс медик, ол иһигэр сэттэтэ — Москватааҕы медицина тэрилтэлэрин сотрудниктара. Лука Крымскай мэтээлинэн президент 80-ча медигы бэлиэтээтэ.
This post was published on 04.03.2022 12:01 12:01