Ыам ыйыгар “Россия сегодня” МИА “Баһаалыста тыын!” онлайн-аахсыйаны тэрийбитэ, быраастары уонна волонтердары өйүүр сыаллаах. Саайтка Саха сирин быраастара таһаарылыннылар — 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа инфекционнай отделениета — суһал медицина көмөтүн киинин медиктара.
Россия 500-тэн тахса медицина үлэһитэ киллэриллибит порталыгар Саха сириттэн бааллар – Александра Григорьевна Золотарева, инфекционнай отделение сэбиэдиссэйэ; Айталина Сергеевна Семенова, инфекционнай отделение быраас-терапева; Марина Александровна Алексеева, инфекционнай отделение медицинскай сиэстэрэтэ уонна Андрей Васильевич Семенов, инфекционнай отделение медбрата. Санаттахха, отделение пандемия саҕаланаатын кытта тэриллибитэ. Манна күүстээх эрэһиимҥэ 2-с өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа исписэлиистэрин хомуур хамаандата үлэлиир.
Аахсыйа РФ доруобуйатын харыстабылын, «Волонтеры-Медики» Ассоциация, «Национальные приоритеты» АНО/ стопкоронавирус.рф саайт өйөбүллэринэн үлэлиир. Сүрүн партнерынан ВГТРК теле-араадьыйа ханаал буолар.
«Баһаалыста тыын!» аахсыйа – Россияҕа коронавирус эпидемиятын кытта охсуһууга инники күҥҥэ сылдьааччыларга махтал этиитэ буолар.
This post was published on 10.07.2020 12:01 12:01