Чычымахха таҥара дьиэтигэр 100 сыл кэнниттэн куолакал тыаһаата

Таатта улууһугар, Чычымахха, Николаевскай таҥара дьиэтэ нэһилиэк историятын көрдөрөр, кэпсиир мусуой буолан турар. Манна дьон-сэргэ куруук ыалдьыттаан ааһар. Нэһилиэк бу биир саамай киэн туттан көрдөрөр таҥаратын дьиэтигэр 100 сыл ааспытын кэннэ сулууспа ыытылынна.


«Тэрээһиммит СӨ норуодунай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Д.К.Сивцев — Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 110 сылыгар ананар. Долгутуулаах бэлиэ күҥҥэ Дьокуускайтан Владыка Роман уонна Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Михаил Николаев, Саха сирин сенатора Вячеслав Штыров көмөлөһөөччүлэрэ Афанасий Мигалкин кыттыыны ыллылар. Ыалдьыттары улууһу салайан олорбут Михаил Протодьяконов, Чөркөөхтөөҕү историко-этнографическай мусуой дириэктэрэ Николай Попов арыаллаатылар.

Таҥара дьиэтигэр сулууспа кэнниттэн, нэһилиэк аҕа баһылыга Степан Соров көрдөһүүтүнэн, Владыка Роман саҥа тутуллуохтаах квартальнай хочуолунай миэстэтин сибэтии гынна. Онон нэһилиэк олохтоохторо тутуу тэтимирэригэр уонна үйэлээх буоларыгар эрэлбит улаатта”, — диир «Айылгы» СК дириэктэрэ Марианна Решетникова.

Олохтоохтор бу күн малыыппа ааҕыытыгар кыттыбыттарыттан, күөх халлааҥҥа куолакалларын тыаһа дорҕооннонон, лоҥкунаан өргө диэри дуораһыйан олорбутуттан улаханнык үөрбүттэр, астыммыттар.

This post was published on 15.04.2016 11:57 11:57