Чычымахха дьиэ кэргэн быыстапката көрдөрүүгэ туруорулунна

Хаартыска: Таатта хаһыат

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал. Эрэл. Итэҕэл. сылларыгар анаммыт С.Р.Кулачиков аатынан Чычымах орто оскуолатыгар, социальнай педагог Феврония Андросова «Мин дьиэ кэргэним коллекцията» диэн кэрэхсэбиллээх  быыстапка туруоран, оҕолорго, дьоҥҥо–сэргэҕэ билиһиннэрдэ, Дьиэ кэргэн араас дьарыгын көрдөрдө.

Бу дьикти умсугутуулаах дьарык дьиэ кэргэттэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ илдьэ сылдьар ураты күндү кылааттара буолар. Оҕолор бу дьарыгы сайыннарар, хаҥатар санаалаахтара кэрэхсэтэр, суруйда Таатта.рф

This post was published on 13.02.2024 14:33 14:33