Чыбааҕылаах саха ынахтарын 58 сыл күүттэ

Чыбааҕылаахха 58 сыл буолан баран саха ынахтара кэллилэр. В.Д. Лебедев аатынан Орто Дойду орто оскуолатын учуутала Албан Старков өр сыллаах туруорсуута олоххо киирдэ, суруйда https://www.instagram.com/gazetaindigiruottara/


Орто дойду олохтооҕо Иван Уваровскай Албан Ивановичтыын биир оҕуһу уонна алта ыанар ынаҕы Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Чүүйэ бөһүөлэгиттэн кэтэх массыынатынан тиэйэн аҕаллылар.

Чыбааҕылаахтан «Индигир уоттара» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Кылаана Слепцова бу курдук кэпсээтэ:

— Тоҕус саастаах Харачаас диэн оҕус нэһилиэк дьаһалтатын суотугар төлөннө. Алта тыһы сүөһүттэн иккитэ уулаах диэн быһаардыбыт. Биир оскуола ынаҕа, биэһэ кэтэх ынахтар буолаллар.

Cүөһүлэp тypyктapa үчүгэй, Oxoнооһой күөлүн үрдүгэp, эргэ да xoтон буоллар, yy бэлэмнээн, xoтону cылытан тоһуйдулар. Kүөххэ үктэниэхтэригэр диэри сиир отторо баар. Mуома opoйуонугap бастакы кэлбит саха ынахтарын туруктарын салгыы иһитиннэрэн иһиэхпит.

This post was published on 14.04.2021 18:01 18:01