Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкы, Тыыллыма нэһилиэктэригэр түргэн интернет ситимэ тиийиэ. Бу туһунан «Ростелеком» Саха сиринээҕи салаайааччыта Константин Войтеховский уонна улуус баһылыга Николай Старостин кэпсэттилэр.
«Ростелеком» улууһу кытары 2018 сылтан үлэлэһэр. Бу кэм иһигэр интернет оптоволоконнай ситимэ улуус 21 нэһилиэгэр тиэрдиллибит. Ити нэһилиэктэргэ билигин хааччаҕа суох интернет ситимэ олохтоммут. Итинтэн 11 нэһилиэк ситимэ GPON диэн оптическай технологияҕа көһөн, 20-50 Мбит/с түргэннээх интернет тарыыптары талларар кыахтаах.
«Билиҥҥитэ улуус бары нэһилиэктэрэ түргэн интернетынан хабыллан олороллор. Аны ыраах сытар нэһилиэктэргэ интернет ситимэ тупсарыгар үлэлэһэбит», — диэтэ Николай Старостин.
«Ростелеком» билигин GPON ситимин Аллараа Бэстээххэ уонна Павловскайга киллэрэ сылдьар.
This post was published on 12.04.2021 17:03 17:03