Мэҥэ Хаҥалас саамай кытыы нэһилиэгэр – Чыамайыкыга ситэриилээх былаас үлэтин отчуота ыытылынна.
Отчуоттуур иккис бөлөх салайааччыта, Бырамыысыланнас уонна геология миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин олохтоохтортон киирбит ыйытыыларга хоруйдааһыны тэрийдэ.
Дьэ, чыамайыкылары туох долгутарый? Бастатан туран, булт боппуруоһа. Кинилэр төһө лиссиэнсийэ бэриллэрин туоһуластылар. Тоҕо диэтэххэ, «Саха булт» тэрилтэ лиссиэнсийэни түҥэтэн, бултуу кэлээччи элбээтэ, сирбитин-уоппутун тэпсэллэр диэн эттилэр.
Аны, иккиһинэн, бу нэһилиэк сиригэр туруупка көстүбүтүнэн, олохтоохтор туох үлэ барыахтааҕын интэриэһиргииллэр. Миниистири бастакы солбуйааччы М.Кириллин быһаарбытынан, ити туруупкалар 100 миэтэрэ дириҥҥэ сытарын сабаҕалаабыттарын эттэ, 2024-2026 сс. геологическай чинчийии барыахтаах. Ол эрээри, 2030 сылга диэри бу үлэлэр бараллара биллибэт.
Үсүһүнэн, Егор Куприянов уот баҕаната эргэрбитинэн, СИП-кабельга көһөрүүнү туруоруста. Онно РЭС начаалынньыга С.Оконешников Чыамайыкы бу былааҥҥа суоҕунан, боротокуолга киллэрэн үлэҕэ ылыахха диэн хоруйдаата.
Ыраах нэһилиэк олохтоохторо суһал массыына көрүллүөн сөп дуо диэн ыйыттылар. Үгүс ыйытыы тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах. Холобур, 30 тахса сыл бааһынай хаһаайыстыбалаах Еремей Никитин хотон өрөмүөнүгэр туох көмө баарын туоһуласта. Уонна тыын боппуруостарын суолу кэмигэр көрүү-истии наадатын этиннилэр. Маныаха улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы В.В.Филиппов өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын министиэристибэтин нөҥүө былырыын 30 мөл солк. үлэ ыытыллыбытын эттэ.
Олохтоох оскуола учуутала Антонина Филиппова каадыр боппуруоһун туруорда. Оскуолаҕа нуучча тылын учуутала суох буолан, тэйиччиттэн үөрэнэргэ күһэллибиттэр. Уопсай дьиэлэргэ өрөмүөн ыытыллыан наада эбит. Ити курдук, чыамайыкылар элбэх боппуруоһу туруорустулар уонна мунньахха кытта күргүөмнээхтик кэлбиттэр. Ийэ тыл күнүгэр сахалыы таҥастаах кэлбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх.
Источник: Саха сирэ саайт
This post was published on 14.02.2024 11:33 11:33