22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чыамайыкыга саҥа сайылыктаах “Тамма” кэпэрэтиип сайыҥҥы үлэни түмүктээн, күһүҥҥү тэрээһиҥҥэ киирдэ

17:03, 14 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чыамайыкы нэһилиэгин олоҕор-дьаһаҕар өйөмньү күүс буолар “Тамма” кэпэрэтиип ырыынак эйгэтигэр сөптөөх сүрүнүн булунан үлэтин-хамнаһын сүүрүгэ сорунуулаахтык устан иһэр. Салайааччыны ааҕан туран, уон үлэһиттээх кэпэрэтиипкэ паайдааҕа 15 киһи баар. Сайыҥҥы үлэлэрин түмүктээн, күһүҥҥү тэрээһиҥҥэ киирдилэр.


Нэһилиэк экэниэмикэтэ эргийэр киинэ – арыы сыаҕа Даркылаах бөһүөлэгин олоҕор суолтата улахан. Улуус уһук-кытыы нэһилиэгэр бэйэтигэр үүтү астыыр-үөллүүр тэрилтэлээх буоланнар, чыамайыкылар абыраналлар. Суоллара олох көнөр да түгэнигэр, сыах нэһилиэк олоҕор ылар суолтата намтыа суоҕа диэн эрэниллэр. Сыаҕы уопуттаах үлэһит, маастар Дария Романова салайар. Лабораннара эмиэ уопуттаах Туйаара Анисимова. Анатолий Романов уонна Дария Фомина оробуочайдыыллар. Үүт таһар суоппар Геннадий Филиппов быйылгыттан саҥа массыынаҕа олорор чиэстэммит.

Кэпэрэтииби 2014 сылтан саталлаахтык салайан кэлбит Егор Дьячковскай көмөлөрүн иһин улуус салалтатыгар, туһааннаах управлениеҕа махтала улахан. Сбербаан лизининэн үүт таһар икки отсектаах цистерналаах “УАЗ” массыынаны ылыммыттар. Улуус сыаллаах муниципальнай бырагырааматынан 300-кэ тыһыынча солкуобай тиэхиньикэ ылыныыларыгар көрүллэн, онтукаларын тута лизинг төлөбүрүн аччатыыга бырахпыттар. Массыына сыаната, тиэллэн кэлиитиниин, 989 тыһыынча буоллаҕына, билигин 250 эрэ тыһыынчата хаалла диэн кэпсиир Егор Аркадьевич. Дьиҥэр, үс сыл устата төлүөхтээхтэрин 2020 сыл иһинэн төлөһөн бүтэрэр санаалаахтарын салайааччы кэпсээтэ.

Быйыл 230 туонна үүтү тутуохтаахтар, балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, 220 тахса туонна үүтү арыылаан сылдьаллар. Сайын ыам муҥутуур кэмигэр 2 туоннаттан тахса үүтү туталлар, балаҕан ыйын саҕаланыытыгар – 1 туонна 7 сэнтиниэр үүтү тутан сылдьаллара. Иккилии күн буола-буола 8-10 дьааһык арыыны оҥороллор. Биэс, 10, 20 киилэлээх дьааһык арыылар оҥоһуллаллар. Киилэтин үүт туттарбыттарга 500-түү солкуобайынан төлөтөн, үүт туттарааччыларга 450-нуу солкуобайга атыылыыллар. Үүт туттарааччылар кэпэртииптэн бэйэтиттэн ылар үүттэрин төлөбүрүн арыынан ылаллар. Мунньуллар арыыларын сыах таһыгар турар рефрижератордарыгар хаһааналлар. Манна муустарын эмиэ уураллар. Кыһынын арыыларын сүрүннээн Майаҕа, Дьокуускайга уонна атын да сирдэринэн батараллар. Электроуот барар түгэнигэр тыраахтар двигателинэн оҥорбут генератордара үлэ хаамыыта тохтооботун хааччыйар. Массыына бөһүөлэк устун сүүрэ сылдьан, туттарар ыаллартан үүттэрин хомуйан кэлэр. “Таммаҕа” үүттэрин 43 ыал туттара олорор. Ити былырыыҥҥыттан аччаабакка турар көрдөрүү.

Кэпэрэтиип муус устар бүтүүтүттэн саҕалаан алтынньы бүтүөр диэри үлэлиир бэкээринэтэ нэһилиэнньэни сибиэһэй килиэбинэн хааччыйан кэллэ. Бэкээринэҕэ эдьиийдээх балыс — сэбиэдиссэй Светлана Федорова уонна Акулина Зыкова туох-баар ис-тас үлэлэрин бэйэлэрэ кыайа тутан үлэлии сылдьаллар. Күҥҥэ сайынын оттооһун кэмигэр 120-чэ, билигин 80-90 устуука бухааҥка килиэби буһаран таһаараллар. Кэпэрэтиип оттор мастарын, ууларын хааччыйар. Саас 10 туонна бурдугу аҕалбыттар. Амматтан уонна хантан табылларынан бурдуктарын атыылаһаллар.

Быйылгыга диэри чыамайыкылар икки сайылыктаах олорбуттара. Быйылгыттан саҕалаан үс сайылыктаннылар. Бары “Тамма” ТХПК балаансатыгар тураллар. Саамай улахан, бөһүөлэктэн 2 килэмиэтирдээх “Алаас” сайылыктарыгар сайын 68 ынах ыаммыт. Манна 7 ыал ынахтарын сайылаппыттар. Биир туонналаах үүт сойутары үлэлэтэллэр. Электроуот быстар түгэнигэр үүттэрин рефрижераторга аҕалаллар. Арыы сыаҕын 2 үлэһитэ ыаллары кытары ыаныллар үүт 30 бырыһыаныгар дуогабардаһан, сүрүн үлэлэрин быыһыгар дьон ынахтарын ыан биэрии өҥөтүн оҥороллор.

Сайылыктан балаҕан ыйын бүтүүтэ киирэллэр. Бу сайылыкка бөһүөлэк улахан аҥаарын ынахтара сайылыыллар. Оттон, ортоку бөһүөлэк ыаллара ынахтарын 5 килэмиэтирдээх Ат Күөлэ сайылыкка таһаараллар. Олорор дьиэлээх-уоттаах сайылыкка 3 ыал 25 ынаҕа ыана турар диир Егор Дьячковскай. Эмиэ туонналаах үүт сойутардаахтар. Уот суоҕар эмиэ рефрижераторга үүттэрин аҕалан угаллар.

Былырыын саас баҕана-атахтарын түһэртээн, бөһүөлэк хоту эҥэригэр, киирии суол таһыгар, саҥа, “Дьаҥха Үрүйэтэ” диэн ааттаммыт сайылыгы тутуу саҕаламмыта. Олохтоохтортон хомуллубут тутуу биригээдэтин Егор бэйэтэ салайбыт. Тутууга Александр Прокопьев, Александр Дьячковскай, Андрей Дьячковскай, даркылаахтар күтүөттэрэ, Халыма ыччата Андрей Сазонов буолан үлэлээбиттэр. Электроуот ситимин быраата Эдгар Дьячковкай тардыбыт. Быйыл муус устар бүтүүтэ тутуутун саҕалаан бараннар, бэс ыйын бүтүүтэ ситэрэн үлэҕэ киллэрэ охсубуттар. Матырыйаалыныын, уотунуун, тутуутунуун 300-кэ тыһыынчалаах үлэ барбыт. Онон, саҥа титииктэрин уратытынан баҕаналар буола салҕанар атахтарга турара буолбут. 24 баҕаналаах, сири таарыйбат муосталаах титииккэ 6 ыал 38 ынаҕа ыанан сайыны туораан эрэллэр. Инникитин Егор Дьячковскай үс генераторы атыылаһар былаанын торумнуу сылдьарын үллэһиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА